Бу күн 1703 сыллаахха Петр Первай уурааҕынан «Ведомости» диэн бастакы хаһыат бэчээттэнэн тахсыбыта.Саха сиригэр 1907 сыллаахха саха саарына В.В.Никифоров- Күлүмнүүр быһаччы көҕүлээһининэн Саха дойдута” диэн сахалыы бастакы хаһыат тахсыбыта.
Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгэ оройуон биир кырдьа5ас нэһилиэгэ.Үс үйэ остуоруйалаах төрөөбүт дойдубут олоҕор араас дьарыктаах, үлэлээх, ураты талааннаах дьон олорон ааспыттарын история кэрэһилиир. Хаҥалас нэһилиэгэр урукку кэмнэртэн айар суруйар дьо5урдаах,биллэр суруналыыстар төрөөн, олорон ааспыт түөлбэлэрэ.
Кэм кэрдии суурайар түгэннэрин үйэтиппит уонна үрдэппит биир дойдулаах суруналыыстартарбыт олорбут олохторо, суруйан хаалларбыт айар үлэлэрэ олох тутула уларыйыытыгар сүтэн-иҥэн хаалбакка, кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо ааттана, үөрэтиллэ туруоҕа диэн баҕа санаалаахпыт.
Республика улуус олоҕор, айар үлэтигэр кырата суох кылааты киллэрбит, республикаҕа киэҥник биллибит Хаҥалас сириттэн тахсыбыт суруналыыстарбыт:- Ньурба сиригэр бастакы суруналыыһынан ааттаммыт, ССРС суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Афанасий Маркович Иванов-Афанасий Кангаласов диэн төрөөбүт дойдутун ааттатар псевдонимынан, ССРС суруналыыстарын союһун чилиэнэ,1968 сыллаахха Москваҕа тахсыбыт «Русско-якутский словарь»тахсыытыгар үлэлэспит , «Кыым» хаһыакка үлэлээбит Кылатчанов Степан Павлович, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Ньурба» хаһыат редакторынан 20 сыл үлэлээбит Семен Петрович Гаврильев, Үөһээ-Бүлүүгэ оройуон хаһыатын редакторынан таһаарыылаахтык үлэлээбит, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Семен Федотович Филиппов, Ньурба куоракка олорор СӨ үтүөлээх юриһа, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Прокопий Иванович Васильев буолаллар. Ааттаах суоллаах суруналыыстарбытын сэргэ Хаҥалас оскуолатыгар саха тылын учууталынан үлэлээбит,үгүс көлүөнэ ыччаты төрөөбүт тыл кэрэтигэр, уус уран тылга умсугуппут,оччотооҕу “ Коммунизм суола” хаһыат биир сытыы тыллаах, солбуллубат селькора,сэрии ветерана буойун — учуутал Василий Егорович Максимов, норуот ырыаһыта дойдутун дьонун ситиһиилэрин киэн тутта элбэхтик хаһыатынан кэпсээбит Николай Федотович Осипов-Чоомуут улуус хаһыатын бастыҥ селькордара этилэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ аныгы сайдыылаах олох тэтиминэн бииргэ сайдан биһиги нэһилиэкпит суруналыыс кыргыттара: «Саха» НКИХ үрүҥ көмүс бэлиэтин хаһаайына, Россия журналистарын чилиэнэ Алена Антонова“ Саха” НКИХ продюсерынан, («Саҥа күн” биэриини ыытан кэлбитэ) Россия суруналыыстарын союһун чилиэнэ Мария Дмитриева Россия каналыгар «Вести-Саха» информационнай программа корреспонденынан, “Саха” НКИХ Ньурбатаа5ы филиалын редакторынан эмиэ биҺиги кыыспыт Күннэй Антонова айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар.Дайаана Афанасьева диэн эмиэ суруйар дьо5урдаах кыыспыт ХИФУ журналистика салаатыгар ситиһиилээхтик үөрэ5ин түмүктээри сылдьар.
Дойду оҥостон олохсуйбут Хаҥалаһын ааспыт остуоруйатын кэлэр көлүөнэҕэ үйэтитэн СӨ муниципальнай сулууспаҕа туйгуна,нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Александра Петровна Васильева уонунан сылларга үлэлэһэн дьоһуннаах кинигэлэри хомуйан бэчээттэттэ. Ону сэргэ Хаҥалас оскуолатыгар «Ыллык» эдэр корресподеннар постарын алын сүһүөх кылаас учуутала СӨ үөрэҕириитин туйгуна Алексеева Прасковья Николаевна 9-с сылын салайан үлэлэтэр.” Ыллыктар” сыллата айар үлэлэринэн «Кэскил» хаһыат анал номинацияларыгар тиксэллэр,нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар
Төрөөбүт ийэ тылбыт чөл туруктаах,кэскиллээх буоларын туһугар үлэлэһэ сылдьар биир дойдулаахтарбыт,норуоту инникигэ сирдиир кырдьыгы көрдүүр соруккут сөҕүрүйбэккэ өссө да үүнэ-сайда турдун.
Мария Николаева,библиотекарь.
МКУ "Нюрбинская МЦБС"
Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова