Олох икки, үөрэх икки биир кииннээхтэр.
Э. Эристиин
Эрилик Эристиин Чурапчы Чакырыгар төрөөбүтэ. Гражданскай сэрии актыыбынай кыттыылааҕа. Сэрии кэнниттэн куоракка типографияҕа үлэии сылдьан, айар тыл умсулҕаныгар ылларбыта, бастакы хоһооннорун суруйбута. Саха ааҕааччытыгар биһирэбили ылбыт сүрүн айымньылара “Аймалҕан”, “Революция уолаттара”, “Маарыкчаан ыччаттара”, “Кэриэс туолуута”. Кини айымньылара хабар тиэмэлэринэн, геройдара уратыларынан, ойуулуур дьүһүннүүр ньымаларынан уратылаахтар.
Эрилик Эристиин норуот фольклоруттан үүммүт сайдыбыт, саҥа олоҕу түстэспит киһи буолан, кини айымньылара үйэлээхтэр. Ааҕааччыны умсугутар сюжет, үйэлээх тиэмэ, идиэйэ, күүстээх тыл — өс бу барыта суруйааччы айымньыларыгар көстөр. Саха классик суруйааччыта Эрилик Эристиин аатын, айымньыларын үүнэр көлүөнэ билиэх тустаах. 2019 с. — Театр сылыгар Хаҥалас нэһилиэгин «Тойук» норуот айымньытын дьиэтэ драматург Эрилик Эристиин «Суорума суолламмыт» драматын туруоран биһирэбили ылбыта. Библиотекарь М. Николаева сүрүн оруолу толорон «Бастыҥ дьахтар оруола» номинацияны СӨ норуодунай артыыската, Ньурба драмтеатрын сулуһа Валентина Николаеваттан туппута.
М.Николаева, библиотекарь.