Ньурба сирин киэн туттар эколога, дьиҥнээх патриота, Ийэ айылҕатын ис сүрэҕиттэн таптаабыт, биһиктэммит, көөчүктэммит Бүлүү эбэтин көмүскэлигэр олоҕун толук уурбут Петр Николаевич Мартыновы Ньурба сирин дьоно бүгүн ахтан санаан ааһарбыт тоҕоостоох курдук.
Петр Мартынов 1992 сыллаахха « Бүлүү” уопсастыбаннай-экологическай кэмитиэт салайааччытынан ананаат, Бүлүү өрүс сүһүрүүтүн,ядернай дэлби тэптэриилэр, ракеталар тобохторун сүлүһүннээх дьайыыларын тохтотуу, чинчийии уонна туһааннаах буруйдаах тэрилтэлэртэн төлөбүрү ирдээһин курдук улахан боппуруостары сытыытык туруорсубута. Бу туһуттан элбэх анал литератураны хасыһан аахпыта, үөрэппитэ. Дьон өйүн санаатын уһугуннарар айылҕабытын быыһыыр сыаллаах элбэх ыстатыйалары бэчээттэппитэ, көмүскэнэр сокуоннарга үлэлэспитэ.Хомойуох иһин Петр Николаевич үлэтин хамнаһын үгэнигэр сылдьан, үгүс баҕа санааларын кэннигэр хаалларан, ыарахан ыарыыттан эрдэ бу олохтон барбыта.
Петр Мартыновтыын истиҥ алтыһыытын олоҕун устата тыыннаах сулус оҥостон, Бүлүү экологическай хамсааһыны төрүттэспит, чөл айылҕа туһугар туруулаһар, уопсастыбаннай деятель,биллэр эколог Иван Семенович Бурцев 2000 сыллаахха “Бүлүү Эбэ көмүскэлигэр”, 2006 сыллаахха Күн айыы киһитэ” диэн чугас доҕоро Петр Мартынов олоҕун, ыыппыт үлэтин-хамнаһын туһунан сиһилии кэпсиир кинигэлэри хомуйан таһааттарбыта.
Махталлаах Ньурба сирэ бэйэтин уолун үтүө аатын үйэтитэн, олорбут уулуссата Петр Мартынов аатын сүгэр, тапталлаах Бүлүүтүн биэрэгэр П. Н. Мартыновка анаммыт пааматынньык турар. Ньурба сирин поэта Клара Васильева «Үтүө аатыҥ үйэтийиэ» диэн маннык тыллардаах хоһоону анаабыта
…Хаһан эрэ Эн аатыҥ
Хаттаан тиллиэ, күлүмнүө,
Хотун Бүлүү түргэн аалын
Сырдык ыраҥ көтөҕүө…
Инникитин даҕаны экология, ийэ айылҕабытын харыстааһын боппуруоһа хас биирдиибит сүрэҕин долгутар,кэнчээри ыччаппыт инникитин саныыр биир сүрүн кыһалҕабыт буолуохтун!
Хаһааҥҥыта эрэ “Сыа Бүлүү” диэн киэн тутта ааттаммыт Хотун эбэбит-Бүлүү өрүспүт барахсан күн уотугар күлүмүрдүүр сүдү күүскүн сүтэрбэкккэ уостар диэни билбэккэ, мөлбөйө уста тур!
Мария Николаева,библиотекарь Хаҥалас.