Маардааҕы «Алгыс» норуот айымньытын киинин (директор Федорова С.П.) сэргэх үлэтэ өрүү нэһилиэнньэ интириэһин тардар.
2010 сылтан уус-уран салайааччы, СӨ култууратын туйгуна Михайлова Екатерина Романовна тэрийэн үлэлэтэр «Деревенский театр» театральнай бөлөҕүн үлэтэ нэһилиэнньэҕэ, оройуоҥҥа эрэ буолбакка бүтүн Саха сирин үрдүнэн иһиллэр. Бу театр «Махталлаах көлүөнэ сүгүрүйэр» бырайыагынан 2012 сылтан Улуу Кыайыы күнүгэр туруорар испиктээкиллэрэ көрөөччүнү өрүү ытатар, аймыыр, сүрэх-дууһа кылын таарыйар.
Театральнай бөлөх үлэтэ киэҥ сиринэн тарҕанара олус кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, 2016 сыллаахха турбут Ф.Н.Малгинаҕа анаммыт «Ийэ хараҕын уута» испиктээкил салҕыы Акана нэһилиэгэр турбутун таһынан Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгин музейыгар Маардааҕы туруоруу уһуллан, үйэлэргэ харалтаҕа бэриллибитэ.
2018 сыллаахха «Ньурба уоттара» түмсүү чилиэнэ, Хорула олохтооҕо Варвара Кононова ханна да бэчээккэ тахса илик «Тулаайахтар» айымньыта турбута. Кэлиҥҥи сылларга Екатерина Романовна сценарийынан бу айымньы Ньурба Аканатыгар, Сүлэтигэр, Таркаайытыгар, Таатта Баайаҕатыгар турда.
2023 сыллаахха «Ньурба уоттара» түмсүү салайааччыта, суруйааччы Дмитрий Пономарев-Дьолуолаах «Биһик» айымньыта Маар, Күндээдэ олохтоохторун долгуппута. Театр артыыстара айымньы ааптарын иннигэр көрдөрүүлэрин олохторун саамай долгутуулаах, умнуллубат түгэнинэн ааҕаллар.
Екатерина Романовна Кыайыы күнүгэр турар испиктээкиллэригэр олус эппиэтинэстээхтик ылсар. Туруорар испиктээкилигэр матырыйаалын сыл инниттэн көрдүүр, сценарийыгар ааптардары кытта ыкса үлэлиир. Эрдэттэн устан, атын матырыйааллартан ситэрэн экраҥҥа көрдөрүүнү күүскэ туһанар. Бу устууларга, музыкальнай, уотунан-күөһүнэн киэргэтии үлэтигэр киминэн да солбуллубат дьоннорунан «Алгыс» НАК үлэһиттэрэ Евгений Габышев, Архип Неустроев буолалларын өрүү бэлиэтиир.
Театр састаабар нэһилиэнньэ араас араҥатыттан, оҕотуттан ытык кырдьаҕаһар тиийэ хабыллан дьарыктаналлар, айымньылаах олохторун ситиһиититтэн үөрэллэр.
КЫАЙЫЫ 79 сылын көрсө Екатерина Михайлова Людмила Никольская, Олег Шестинскай Ленинград блокадатыгар аналлаах новеллаларын эрдэттэн тылбаастаан, инсценировка суруйан, блокада кэмнэриттэн документальнай көстүүлэри хомуйан саҕалаабыта.
Урукку сылларга сэрии туһунан кэпсиир испиктээкиллэригэр сүрүн оруоллары улахан састааб оонньуур эбит буоллаҕына быйылгы туруоруутугар сүрүн, орто оруоллары оҕолор толордулар. Оҕолор төрөппүттэригэр эрдэттэн Ленинград блокадатын туһунан киинэлэри бииргэ көрөллөрүн ирдээбитэ, оҕолордуун сэрии, блокада туһунан кэпсэтиини ыыппыта.
«МИН ӨЛҮӨХПҮН БАҔАРБАППЫН…» диэн аатынан испиктээкил ыам ыйын 9 күнүгэр «Алгыс» НАК сыанатыгар турбута.
Испиктээкил үтүүп ханаалга тахсыбытын көрөн Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин оҕону кытта үлэҕэ методиһа Павлова Ирина Ивановна Екатерина Романовналыын кэпсэтэн II бүтүн Арассыыйатааҕы «9 мая — День Победы» научнай творческай күрэххэ кыттыыны ылаларын ситиспитэ. Бу күрэх түмүгэ олус үөрүүлээх буолла.
Екатерина Михайлова тылбааһыгар уонна туруоруутугар «МИН ӨЛҮӨХПҮН БАҔАРБАППЫН…» инсценировка II Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-творческай күрэххэ I истиэпэннээх лауреат аатын ылбытын таһынан Михайлова Е.М. «Бастыҥ салайааччы» анал аатын ылла.
«Деревенский театр» театральнай бөлөҕү, испиктээкилгэ оонньообут, үлэлээбит састаабы бу улахан ситиһиигитинэн улаханнык эҕэрдэлиибит, инникитин даҕаны оҕо — ыччаты дойдуга тапталга иитиигэ, ааспыт олох историятыгар чугаһатыыга күүстээх үлэҕит үгүс ситиһиилээх, буоллун диэн баҕа санаабыт бастыҥын ыытабыт.
Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин методическай үлэҕэ салаата