Багдарыын Сүлбэ төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах куйаар ситимин нөҥүө ыйытыыларга элбэх боппуруостарга сөптөөх эппиэттэри биэрдилэр:
- Иванова Марфа Андреевна — 17 б.,
- Николаев Иван Константинович -16 б.,
- Никитина Анна Ильинична 15 б.,
- Афанасьева Надежда Александровна — 15 б.,
- Софронов Эрчим Джулустанович -13 б.
Бары кыттыбыттарга махтанабыт уонна куйаар ситимин нөҥүө Туоһу суруктары тиксэриэхпит.
Иванов М. С. — Багдарыын Сүлбэ төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах куйаар ситимин нөҥүө
ыйытык эппиэттэрэ.
- Михаил Иванов Бүлүү педучилищетыгар хас сыллаахха, ким сүбэтинэн үөрэнэ киирбитэй?
(1942 с., Убайа, учуутал Федор (Сүөдэр) Иванов.) - Ханнык кинигэ М.С. Иванову буржуазнай национализмҥа буруйдааһыннарыгар төрүөт буолбутай?
(Георгий Башарин «Три якутских реалиста-просветителя») - Михаил Спиридонович олоҕун саамай күндү бырааһынньыгынан ханнык күнү, түгэни ааҕарарай?
(Ыам ыйын 9 күнэ- Улуу Кыайыы күнэ.) - Үлэтин саҕалаабыт улууһа?
(Өлөөн) - Ол улуус оскуолатыгар ханнык предметтэри үөрэппитэй?
(История, география, Конституция СССР) - Пединститутка үөрэнэр баҕа санаатын өйөөбүт, ол кэмнэргэ миниистиринэн үлэлии сылдьар биир дойдулааҕа?
(С. С. Сюльскай) - Сымыйаҕа балыллан, хаайыыттан босхолонон тахсыбытыгар күүс-көмө, өйөбүл буолбут саха улахан суруйааччылары ааттара……..
(Василий Яковлев-Далан, Василий Соловьев-Болот Боотур) - Бүлүүтээҕи педучилищеҕа директордаабыт сыллара
(1958-1974 (16 сыл)) - Топонимика тугу үөрэтэр науканый?
(Топонимика -сир-дойду аатын, быһаарыыларын үөрэтэр наука) - Энтосемиотика тугу үөрэтэр науканый?
(Энтосемиотика -араас омуктар чинчийэр бэлиэлэрин, ис хоһоонун үөрэтэр наука) - Сир аатыгар Багдарыын Сүлбэ хас кинигэлээҕий? (11)
- Ыстатыйаларын түмэн таһааттарбыт кинигэтин ахсаана? (23)
- 2023 сылга тахсыбыт «Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ» кинигэни хомуйан таһааттарбыт ааптар толору аата
(Людмила Васильевна Иванова, бибилэтиэкэ ситимин бэтэрээнэ, СӨ култууратын туйгуна.) - Кэргэнэ Варвара Михайловна кэргэнин топонимикаҕа үлэтигэр тугунан көмөлөһөрөй?
(Картотека суруйуутугар, наардааһыныгар) - Кинилэр уолаттара ханнык омук тылын үөрэтэн идэ ылбыттарай?
(Ньургун-саха тыла, Айдаар — нуучча тыла, Эллэй — немец тыла.) - Аҕата наукаҕа тэлбит суолун батыспыт, аҕатын Багдарыын Сүлбэ үлэтин салҕааччы …….
(Багдарыын Ньургун Сүлбэ уола-саха тылын үөрэҕин билимин кандидата) - Багдарыын Сүлбэ бастакы «Атах туппай» уус уран кэпсээннэрин кинигэтэ хас сыллаахха тахсыбытай? (1967 сыллаахха.)
- Оҕолорго аналлаах өссө икки кинигэтин ааттаа… (ОҔО САҤАТА, ЧУГДААРАР ЧУОРААННАР)
- Багдарыын Сүлбэ айылҕаттан бэриллибит ураты дьоҕура? (ӨЙҮГЭР ТУТАР ДЬОҔУРА)
- М.С. Иванов — Багдарыын Сүлбэ — саха бастакы………….
(ТОПОНИМИҺА)