Бу күн Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах Мэҥэдьэк нэһилиэгин олохтоохторугар өркөн өй оонньуу ыытылынна. Кыттыыны ыллылар «Утум» аҕам саастаахтар түмсүүлэрин көхтөөх кыттааччылара, «Саһарҕа» эдэр ыччат түмсүүтүн бэрэстэбиитэллэрэ.
Оонньууну ыытта Мэҥэдьэктээҕи 11 нүөмэрдээх библиотека үлэһитэ Габышева М. Г. Оонньуу Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн эҕэрдэ тылтан, быыстапткаттан саҕаланна. 4 түһүмэхтээх күрэххэ эрэллээхтик «Утум» аҕам саастаахтар түмсүүлэрин хамаандата бастаата. Оонньооччулар Саха сирин туһунан араас хабааннаах боппуруостарга эппиэттээн, аҕам саастаахтар Л.Попов хоһоонун ааҕан, ыччаттар И.Павлов «Сахам сирин таптыыбын” ырыа буолбут ырыатын ыллаан үөрэ-көтө тарҕастылар.
Үүнэ-сайда тур, тапталлаах Сахабыт сирэ.
Матрена Габышева, Мэҥэдьэк