Балаҕан ыйын 27 к. — Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ Ст. Васильев аатынан сынньалаҥ пааркатыгар техническэй лицей 6 кылааһын оҕолоругар (Кылаас салайааччыта Иванова Я. В.) «Таптыыбын Сахам сирин!» — квест — оонньуу тэрийэн ыыттыбыт.
Квест — күрэх : «Төрөөбүт дойдугун төһө билэҕин?» — биктэриинэ, «Хаартыскалары таай», «Ырыата ыллыах», «Тыл оонньуута» — диэн түһүмэхтэринэн 4 хамаанда буолан көхтөөхтүк кытыннылар. Оҕолор биктэриинэ нөҥүө Сахабыт сирин сааамай тымныы полюһун, кэрэни, ырааһы кэрэһэлиир сибэкки, Айыыһыт көтөр, саамай кытаанах сиртэн хостонор таас, ханнык биллиилээх саха суруйааччытын улахан олоҥхото французтуу, английскайдыы тылбаастаммытын, былыргы сахалар ханнык кыылы «Уу оҕуһа» диэн ааттыылларын туһунан элбэх интэриэһинэйи биллилэр. «Хаартыската таай» түһүмэххэ Саха сирин биллиилээх государственнай — политическэй деятеллэрин уонна суруйааччыларын, Дьокуускай куорат биллэр — көстөр пааматынньыктарын төһө билэллэрин тургутан көрдүлэр. «Тыл оонньуута» түһүмэххэ оҕолор бэриллибит тиэмэҕэ буукубаларынан тыл таһааран күрэхтэстилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын тиэкиһин көрөн туран «Ырыата ыллыах!» түһүмэххэ чоргуччу ыллаатылар. Кыайыылаах иккис нүөмэрдээх хамаанда Грамота, кыттыбыт оҕолор бары туоһу сурук, минньигэс бириис тутан үөрдүлэр — көттүлэр.
Оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтэ.