Бу орто дойдуну хомоҕой хоһоонунан, ылбаҕай ырыанан симиир, киэргэтэр аналлаах Ньукулай Чуор күөх Ньурба кэрэ Куочайыгар бу күн 1935 сыллаахха төрөөбүтэ.
Саха биллиилээх поэта, суруналыыһа, общественнай деятелэ, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Н.И. Харитонов-Чуор барыта сахалыы уонна нууччалыы уонтан тахса поэзия кинигэтинэн ааҕааччы билиниитин, тапталын ылбыта, сытыы бөрүөлээх суруналыыс быһыытынан биллэрэ.
Кини саха литературатыгар уйаҕас, үйэлээх тапталы туойбут нарын лиирик-поэт быһыытынан биллибитэ. Кинини поэзияҕа Эллэй, Күннүк Уурастыырап курдук аксакаллар алҕаабыттар, Н. Тобуруокап, С. Руфов курдук аарымалар кини айымньыларын ситиһиилэрин ырыппыттар. Н. Чуор поэт быһыытынан ураты куоластаах, чаҕылхай уобарастардаах, бэргэн тыллаах-өстөөх. Ол аҥаардас псевдонимын да талбытыгар бэрт этигэнник көстүбүтүн сөпкө бэлиэтииллэр.
Киһи быһыытынан кэрэ дууһалаах, киэҥ көҕүстээх, ыраас санаалаах, ону кытта наһаа элэккэй-сайаҕас, үөрүнньэҥ, киһиэхэ аҥаардас үтүөнэн эрэ дьайан көмөлөһөр баҕалаах Ньукулай Чуор дойдутугар Ньурбаҕа 1971 сыллаахха «Ньурба уоттара» түмсүүнү тэрийбитэ. Кини сахпыт кыымыттан күөдьүйэн Ньурба айар-суруйар дьоно-сэргэтэ 52 сыл устата саха тылын үйэтитиигэ, айар талаан албыгар ылларыыга көхтөөхтүк түмсэллэр, үлэлииллэр.
Бүгүҥҥү «Ньурба уоттара» чулуу убайга Чуорга махталларын, сүгүрүйүүлэрин хомоҕой хоһоон тула аныыллар.
ЧУОР ЫРЫА – ЧУОР ТОЙУК Ньукулай Чуорга Сайыны угуттуу Сыа Бүлүү долгуйа Сыыйылла устуута, Күн тэйэр үҥкүүтэ Ирбинньик дьиримнии Кылыйа тэбиитэ, Күөх Ньурба биһигэ – Кыыс нарын хатыҥа Көҕөрө тыллыыта, Күөрэгэй дьырылыы Көҥүлгэ дьулуһа Күйгүөрэ туойуута, Уол оҕо эйээрэ Эһиэкэй дьиэрэтэ Кэлбитиҥ бу сиргэ. Олоҥхо оҕото Омуннук улаатан, Кэҕэлиин биир тэҥҥэ Кэриигэ кэпсэтэн, Чыычаахтыын ыллаһа Чырыптыы дайаҥҥын, Айаас тыал сырыытын Аахтара сырсаҥҥын, От уолун кытары Ойуолуу кылыйсан, Куочай киэҥ иэнигэр Куобахтыы тэбинэн, Сир иэнин киэргэтэн Силиргэх ситэҥҥин, Уус тылыҥ кыһата Уоҕура умайан, Хомоҕой хоһоонуҥ Хотоҕос субуллан, Ымыылаах ырыаҕар Ыччатыҥ иитиллэр, Иэйиигэр бигэнэн Ийэ сир иһийэр. Сыа Бүлүү долгуйар Күөх Ньурба иэнигэр, Элиэнэ эҥсиллэр Киэҥ саха сиригэр, Эн “Ньурбаҥ уоттара” Эрдээхтик хардыылаан, Уус-уран айымньы Уйгутун уһансан, Олоҕу таптааммыт Ойуулуу хоһуйан, Алгыскын ылынан Айаммыт-тутаммыт, Чуо саҥаҥ кутулла Чуор тойук дуорайан, Чуо этииҥ диэлийэн Чуор ырыа дьиэрэйэн, Чуораанныы лыҥкыныы Чугдаара туруохтун! Алла Сельтюкова-Айаалла, Хорула 22.05.2023 с. *** НЬУКУЛАЙ ЧУОРГА Таалар хонуу иэнигэр, Талыы мааны чэчигэр. Кыыс нарына хатыҥнар, Силигии сэлэһэллэр. Арыы ойуур кэннигэр, Сайын кэлбит бэлиэтин. Сайар тыаллыын куотуһан, Кэҕэ кыылбыт чоргуйар. Дьулай оҕо саастарыҥ, Дьоруолаппыт мас аккын. Кииниҥ түспүт Куочайгар, Бэлиэр ыйаан аастаҕыҥ. Олох урсун ойуулуу, Олом сирин бааһырда. Киэн сиринэн тэлэйэ, Аартык ааҥҥын астаҕыҥ. Үлэ-үөрэх үтүөтүн, Күдьүс өрө тутаҥҥын. Аара сырыыҥ ыырыгар, Номох тылын хааллардыҥ. Саамал кымыс буодьулаах, Сайаҕас сахабыт тылынан. Сытыы бөрүөҥ дьоруолаан, Тиспит элбэх суругу. Сүрэҕи-быары ортотунан, Киирэн ааһар хоһоонноруҥ. Ыра кынатыгар дабатан, Ыраас ыралаан көтүттүҥ. Ньурбаҥ вальсын кынатыгар, Долгуйа эргийсэр ыччатыҥ. Дьэдьэниҥ ыллыгын батыһан, Саҥа ыал иэйиитин биһиктиир. Чуор убайбыт номоҕон, Таптал ымыыта хоһоонноруҥ. Кэнчээри ыччаппыт кэхтибэт, Ыратын үтүөҕэ түстүүгүн. Ньурба уоттарын түмэҥҥин, Айар кыымын сахпыккын. Махталлаах дьонуҥ үйэлэргэ, Ыйынньык сулус оҥостуохпут. Татьяна Васильева-Айхаана Кыым 22.05.2023 с. *** ...УБАЙБЫТ НЬУКУЛАЙ ЧУОР АЛГЫҺА (Саха биллиилээх бэйиэтэ Н.И.Харитонов-Ньукулай Чуор сырдык кэриэһигэр хоһоонунан ахтыы) Хоннохтоох хоһооннуун хоонньоһор, Ыллыктаах ырыалыын ыаллаһар, Көөнньүбүт биэ кымыһын санатар, Уохтаах ас амтанын иҥэрбит. Хомоҕой хоһоонноох доҕорбут Уран Тыл маастарын кытары Дьокуускай куоракка мин биирдэ Соруктаах ыалдьыттыы тиийбитим. Улахан киһиттэн толломмун Аллаах ат туйаҕын тыаһынан Сүрэҕим мин түөспэр тиҥийэр, Долгуйан тиритэн ылабын... Ньукулай дьиэтигэр соҕотох Ороҥҥо сынньана сытара, Киирээппин кытары оронтон Сэниэлээх соҕустук турбута. “Дорообо доҕоччуок, кимҥиний, Эн хантан сылдьаҕын? – диэбитэ, Ытыспын ыксары туппута, Хоско аас, ыалдьыт буол”, - ыҥырта. Ньурбаттан сылдьарбын билээтин, Күн күлүм аллайта, мичээртэ Боруҥуй бу дьиэбит бэл иһэ Мичээртэн сырдыырга дылыта. Дойдубун...Куочайбын.. диэбитэ, Чочумча саҥата суох турбута, Хараҕа ууланан хаалбыта, Ахтылҕан кутаата кууспута. “Оо, Киэҥ Ньурбам, Күөх Ньурбам кыысчаана, Кэлбиккэр мин үөрдүм даҕаны, Мин Дойдум сибиэһэй салгына Кэлбиккэр кииристэ” – диэбитэ. Симиктик киниэхэ хоһооммун Аахтара утары ууммутум, Тыа кыыһа, симигим, толлорум... Мин көхсүм илийэн хаалбыта. Хоһооммун ааҕаатын, сэгэйтэ Сырдыктык иһийэ мичээртэ, Сыаналаах сүбэтин-соргутун Миэхэҕэ туһаайан эппитэ: “Эппиккин уон төгүл хатылаа, Сүһүөҕүн ахсаанын ааҕаҥҥын Иҥнибэт буолуоххар диэритин Хаста да доргуччу хатылаа. Сыыһаҕын түргэнник булуоҕуҥ, Эттиэҕиҥ-сиинниэҕиҥ, көннөрүөҥ, Иһирэх иэйиигин холбуоҕуҥ, Ырыаһыт Бэйиэт – Эн буолуоҕуҥ. Хоһооҥҥун оһуордаан, ойуулаан, Кустугу түһэрэн оонньотуоҥ, Туустааҥҥын тумалаан, амтаннаан Үчүгэй асчыкка тэҥнэһиэҥ. Олорон хоһоонун эппитэ, Куолаһа истэргэ кэрэтиэн! Бииртэн биир хоһоонун өйүттэн Ааҕара, билэрэ сөҕүмэр! Саҥата суох истэн олортум Киэн туттуу, бу сөҕүү-махтайыы! Сүрэхпэр күн бүгүн олорор Бу истиҥ көрсүһүү иэйиитэ! Күрүлгэн уутунуу дохсуннук Дьүрүскэн кутуллан барбыта, Итийэн-кутуйан аахпыта – Санаабар, Куйаарга тиийбитэ. Ньурбатын сонунун сураһан, Элбэҕи кэпсэтэн, дуоһуйан Дойдутун дьэдьэнин биэрбиппэр Үөрбүтүөн, бэйиэппит доҕорбут! Оо, дойдум дьэдьэнэ минньигэс! Куолаһар киэн туттуу, ахтылҕан! Хараҕар уот кыымнар оонньууллар, Санаата - Дойдута... буоллаҕа... Кинигэм иннин бэрт кичэллик Суруйан биэрбитэ солуннук, Бэйиэккэ - Ольгаҕа диэбитэ, Алгыырын туһунан эппитэ. Саныыбын ол күнү дьэҥкэтик Хараҕар тэбэнэт уот кыымнаах, “Табахта аҕалыый, тардыахпын, Дьоммуттан кистээммин тардабын...” Табаҕын тутаатын үөрбүтэ, “Күөмэйим хаттаҕыан!” диэбитэ, Сайаҕас, санньылҕан көрүүтэ Санаабар, бу баардыы хатаммыт. Итинник этэ биир көрсүһүү, Сахаттан биир чулуу киһилиин Ньукулай Чуор-Бэйиэттиин Олохпор мин тиһэх көрсүһүүм... Ольга Софронова-Суһум 20.05.2023 с. *** ЧУОР УБАЙБЫТЫГАР Чыыстай поэзия Чаҕылхай тааһа Чолбон сулуһа Чулуу бэйээт, Чаҕаан хоһоонньут Чуор Ньукулай, Чаабый уол сааһыттан Чобуо бэйэтинэн Чахчыта даҕаны Чардааты таһынан Чаалыйан талаана, Чээлэй күөхтүүр Чоҥолох алааһы, Чараҥ хатыҥы Чагда ойууру Чочур мырааны, Чай таастыы Чиргэл санаалаах Чопчу сыаллаах Чэгиэн олоҕу, Чох уоттаах тапталы, Чэмэлкэй күннээх Чэлгиэн тыаллаах, Чыычаах ыллыыр, Чыыбаайы оттоох, Чэчир анньыллыбыт Чэлгийэр Куочайы, Чычааһы тутуспакка Чүөмпэни мээрэйдээн, Чыпчаалга да ыттан, Чачараабыт Чараас куттаахтар Чаккыраччы ытыыр, Чыҥха атыннык Чочуонай тыллары Чыыппааннаан саҕан Чэрэличчи суруйдаҕа. Чуор бөрүөтүн Чаампыга саайбакка, Чиэс маска ыйаабакка Чиэстээхтик бардаҕа, Чиэстэбил – өйдөбүл Чуорга ананнын! Чычып-чаап диэммин Чуор кытаатыннарбыт Чигдитин тэпсэммин Чээрэлээн батыһан Чээччэйэн эрдэҕим. Иванов Валентин-Наһаарабыс Балантыын 04.09.2020 с. *** Бэйиэт, суруналыыс Николай Иванович Харитонов-Николай Чуор 85 сылыгар анаммыт анабыл хоһоон. “Күн тахсар Күндээдэтигэр” Араҥастаах детдомугар Иитиллэн улааппыт уолбут, Бэйиэт Ньукулай Чуорбут Үйэлэргэ үтүө аата Умнуллубат биһиэхэ... ТАПТЫЫР СҮРЭХ ИЭЙИИТИНЭН Таптал - таабырын бэйэтэ, Тап уонна тал. Таптаа бэйэҕин, аналгын Таптыыр сүрэх иэйиитинэн. Таптыыр сүрэх бэйэтэ Тапталы булан ылыаҕа, Таптыыр харах бэйэтэ Талбаны талан ылыаҕа. Талан таптаа, таптат Талба талыы бэйэҕин, Таалан таптаа, таптат Толуу талбаа бэйэҕин. Нь укулай бэйиэт тапталы У руйдаан-айхаллаан хаалларбыта, К үннээх бэйиэт тапталы У мсугуйан, айан хаалларбыта, Л ыахтыы дайа көтөллөр А йхаллыы, уруйдуу дайаллар, ы Й тумарык быыһынан таптала Ч уордук чуопчаара туруоҕа... У рааҥхайдыы уран таптала О рто дойду олоҕор ө Р сылларга сүппэттии иҥиэҕэ... Таисия Ивановна Иванова 28.08.2020 с. *** КҮӨХ НЬУРБА ПОЭТЫГАР Тулаайах уолчаан улаатан Олох тургутууларын ааһан, Улахан поэт буолбутуҥ. Күөх Ньурба кынаттаах уола Үрдүккэ кыырайа көппүтүҥ. Таптыырыҥ олуһун олоҕу, Хоһуйбутуҥ хоһоонноргор Умсулҕаннаах Ньурбаҕын, Сахаҥ кэрэ куоларын Тапталы таҥара оҥостон, Саха далбар хотуттарын Ураннык хоһуйбутуҥ. Таптыыр да этиҥ Суугунас хатыҥнаргын, Бүтэй Бүлүүгүн Уйадыйа ахтарыҥ. Саныыбыт мэлдьи эйигин Ньурбабыт талааннаах хоһоонньутун Уран тыл ууһун. Сүгүрүйэбит долгуйа Сыллары уҥуордаан Дойдугар итии тапталгар. Эн бүгүн тыыннааххын Ылланар ырыаларгар, Ааҕыллар хоһоонноргор. Умнуо суоҕа эйигин Күөх Ньурба, Киэҥ Ньурба Төлөннөөх хоһоонньут уолун. Антонина Яковлева *** НИКОЛАЙ ИВАНОВИЧ ХАРИТОНОВКА-ЧУОРГА АНАБЫЛ Хоһоонньут Убайбыт Ньукулай Ыраас тыл бастыҥын аныыбыт, Хоһуйбут тылларыҥ көтөлүн Ырыаҕа ыпсаран ыллыыбыт. Ып-ыраас, сып-сырдык сэбэрэҥ Ыраас күн кэриэтэ сырдыыра, Ырыа тыын сыдьаайын сэгэтэ Ыраҕын эн туойбут эбиккин. Хас биирдии хоһоонньут баҕата Ырыаҕа хоһооно ыпсыыта, Хаар эрэ, сыыс эрэ буолбакка Ылланан үйэ саас хаалара. Ырааһыан эн санааҥ көтүүтэ Ыраахха көҕүлүүр күүрээнэ, Ыллаһар иэйиини көҕүтэ Ымыылаан дьиктигэ күүрпүтэ. Хас биирдии хоһуйууҥ эйиэнэ Ыраахха көтүтэр күлүмэ, Харысхал сүрэхтэн умайан Ырыа тыл илбиһин ииттэҕэ. Ырыаҕын ыллыыртан дуоһуйан Ыраатта махталы ыыппыппыт, Ырыа тыын ыпсыытын кытыаран Ыксары туттарбыт күҥҥүттэн. Хоһоонньут Убайбыт Ньукулаай Ытыктаан махтанан ылабыт, Хоһууннук суруйбут тылларгын Ырыабыт тылыгар тиспиккэр! Ып-ыраас сыдьаайга кыттыһан Ыыттаҕын санааҕын дуоһуйа, Ыһыллар сардаҥа уотуттан Ылланар бу дьикти дьүрүскэн. Хоһоонньут, ырыаһыт түмсүһэр Ыраас бу “Кыталык” эйгэтэ Хас биирдии ырыаҕын көтүтэ Ылыммыт эн ааккын үйэҕэ! Гаврил Монастырев-Уйусхан *** ЫРЫАҺЫТ БЭЙИЭТ НИКОЛАЙ ЧУОР СЫРДЫК КЭРИЭҺИГЭР Дьикти да ырыаны иһиттим, Дьиибэргээн тулабын көрүннүм! Бу кимҥэ ананар тылларый? Бу хантан кутуллар тылларый? Сүрэхпит аайытын эҥсиллэ, Сырдыкка, кэрэҕэ угуйа Улахан убай, Ньукулай Чуор, Уйаҕас иэйиитэ тиһиллэр. Истиҥник саныырын дириҥэ Иһиллэр дьүрүскэн дьүрүлгэ, Олоххо тапталын итиитэ Олорбут дуорайар дорҕооҥҥо. Хас биирдии бэйэбит толкуйун Хомоҕой хоһооҥҥо таарыйбыт, Хас биирдии баҕабыт сүмэтин, Хоһуйан, ырыаҕа дьиэрэппит. Сүрэххэ таптатар аналлаах, Сүргэни көтүтэр кынаттаах, Ол иһин хоһооно ырыалаах, Ол иһин ырыата үйэлээх. Варвара Кононова-Балбаара Хорула 20.05.2023 с. *** НЬУКУЛАЙГА МАХТАЛ Ньукулай Чуор киэҥ аартыгар, Умуллубат уотугар кыттыһан, Анабыл хоһооҥҥо холоно, Суруйан эрэбин эрэнэ. “Ньурба уоттарын” тэрийбит Чулуу киһибит Ньукулайга, Аныыр үтүө күммүтүгэр, Этиэҕиҥ махтал тылларын. Никифорова Люция-Сайылык Кыыһа 20.05.2023 с. *** ЧУОР НЬУКУЛАЙ Ньурба уотун кыымын сахпыт, Айар кутун аанын аспыт, Аартыктарын суолун тэлбит, Улуу киһи, Чуор Ньукулай. Тэрбэлдьийэр, чоҕул харах, Иэйиитигэр ылларбыт, Таптал тырым тылларынан, Ырыа гынан дьоҥҥо тиэрпит. Куочай эбэ иэнин устун, Сүүрэн сэниэ киллэриммит, Ол Куочайын хайгыы санаан, Хоһоонугар холбообут. Кини эбээт, улуу киһи, Ньурба уола, Чуор Ньукулай. Үтүө санаа төрүт ууһа, Кэрэ олох кэрэһитэ. Эн утумҥун салгыыр дьонуҥ, “Ньурба кыыһар уоттара”, Иэйиилэрин суһумугар, Бааргын эбээт, улуу киһи. Аатыҥ өрүү ааттанар, Куруук мэлдьи ахтыллар, Биһигинниин бииргэ буолан Сылдьыһаҕын таспытыгар. Хас биирдиибит ситиһиитэ, “Ньурба уотун” үөрүүтэ, Онно куруук ахтыллар, Улуу убай, Чуор Ньукулай. Тамара Николаева-САРЫАДА- НЬУРБА *** НЬУРБА ЧУЛУУТА - НЬУКУЛАЙ ЧУОР Киэҥ Ньурба киэлитин Хоһоон-ырыа куттааҕа, Сүрэх истиҥ иэйиитинэн Сайдам санаа илдьитинэн, Кэскиллээҕи өтө көрөн Үйэлээҕи үксэтиһэн, Айар дьоҕур түһүлгэтин Төгүрүтэн төлкөлөөн, Күнтэн уоту сардаҥардан Кыымтан кыымы саҕардыы, Сүрэҕин төлөнүн күөдьүтэн Сырдыы, тырымныы уматан, Айар кутаа илбиһинэн Күөх Ньурба чулуу уола Улуу бэйиэт Ньукулай Чуор, “Ньурба уоттарын” сахпыта. Төрүт тылбыт иэйиитэ Сылаас тыына иитиллэн, Айар айылгы аартыга Алгыһынан айхалланан, Арылыйа кытыастан Сардаҥалыын сандааран, Саҥа саҕахтары арыйа Ньурба уота ыҥырбыта. Айар түһүлгэ түстэнэн Кутаа тула мустаннар, Алтыһыы үтүөтүн үллэстэн Түмсүү дьоно эбиллэр, Айар саргы арыалланан Айымньылар айыллаллар. Тумус туттар бэйиэппит “Ньурба күһүнэ” тэрээһин Олугун уурсан, түөрэҕин түһэрсэн Кэрэ эйгэни тэрийсибитэ, Күөх Ньурба аата ааттанан Аар-сааргы ахтыллыбыта. Сырдык мичээр сыдьаайдаах Айар талаан айылгылаах, Дойдуга таптал таҥаралаах Ньукулай Чуор бэйиэт, Эрэнэрэ эбээт кини Ийэ тыл эйгэтин кэҥэтэн, Ыллыктаах санаатынан ыччаты Айарга, суруйарга көҕүлээн, Олоҕу тапталынан хоһуйар Айар үлэҕэ абылаппыт Эдэр ыччат элбиэҕин. Алгыстаах аартыгынан Айан суолун тутуоҕун, Дойдутун чэлгитэн Сайдыаҕын, барҕарыаҕын, “Күннээх куорат манна буолуоҕун!” Валентина Федотова-Алгыстаана *** ПОЭТ НЬУКУЛАЙ ЧУОРГА Чаҕыл күннээх Ньурбаҕа Чуор ырыата дьиэрэйэр, Дьоһун дьонноох дойдутугар Добун хоһоон айыллар. Дорооботун туппутунан Дорҕоонноохтук саҥаран, Эйэҕэстик мичээрдээн Эҕэрдэтин аныыра. Сэгэйэ үөрэ сэргэхтик Сэгэлдьийэн хаамара, Сүрэх истиҥ иэйиитинэн Сүргэлэри көтөҕөрө. Хомоҕой хоһоон тылынан Хоодуот дьонун уруйдуура, Таптал тыыннаах ырыатынан Бар дьонун айхаллыыра. Евдокия Моякунова-Кучу 21.05.2023 с. *** ДОБУН ААТЫН ААТТАТТАҔА ( Н.И. Харитонов-Николай Чуорга ахтылҕан иэйии ) Үлэ дьоло – умсулҕана Үгүс үтүө кэскиллэрдээх, Бэйээт буолуу аймалҕана Биллэ дьайар өрүттэрдээх... Сунтаар дьоһун кырдалыгар Сиэйэ кэрии тыаларыгар, Өрүү кэҕэ чуордук этэр, Өтөн үөтэр, куба үөрэр. Халдьаайыга, сыһыыларга Хамсыы тыллар ньургуһуннар, Ыллыыр-туойар кыргыттарга Ымыы буолан ыаллаһаллар. Үлэ күүрэр, сүрэх тэбэр Үгүс санаа төргүүлэнэр, Хара харах өйү сүүйэр Ханыылаһа өрүтүрэр. Уйан дууһа өрүкүйэр Умсугута дьалкылдьыйар, Таптал уота сириэдийэр Таарымталыы тамалдьыйар. Уран-сэмэй Ньукулайбыт Уустаан тылы холботолуур, Уруу тардан сыбаайбабыт Уһун суолга – дьону дьоллуур... Ньурба хоһуун Ньукулайа Ньургун уолбут хоһоон айа, Дойду устун аатырдаҕа Добун аатын ааттаттаҕа... Тимофей Шестаков-Чоххуруос