Будьурхай баттахтаах Пушкиным
Остуолум үрдүттэн мичээрдиир,
Сайаҕас санаабар поэтым
Олоҕо, таптала тиллээхтиир…
Саха норуодунай поэта Эллэй.
Сыллата бэс ыйын 6 күнүгэр нуучча литературатыгар сүдү кылааты киллэрбит улуу поэт А. С. Пушкин төрөөбүт күнэ бэлиэтэнэр. 2011с. Россия Президена В. В. Путин бэс ыйын 6 күнүн Нуучча тылын күнүнэн ааҕар туһунан Ыйааҕа тахсыбыта.
Чаҕылхай поэт Александр Сергеевич Пушкин аата нуучча литературнай тылын төрүттээччинэн ааҕыллар, айымньылара омугуттан, сааһыттан, итэҕэлиттэн тутулуга суох араас көлүөнэҕэ ааҕыллан, аан дойду норуоттарын тылларыгар тылбаастанан кэллилэр, кини улуу талааныгар сүгүрүйээччи ахсаана сөҕүрээбэт. Россия бары норуоттарыгар кини айымньылара үйэлэри уҥуордаан Пушкин мэлдьи биһигини кытта баар.
Кырачаан саастаахтарбыт үчүгэйдик тыллана да иликтэриттэн, суруйааччы оҕолорго анаабыт “Сказка о царе Салтане”, “Сказка о рыбаке и рыбке”, “Сказка о мертвой царевне” уо.д.а остуоруйаларыгар улааттахтара. Пушкин “Нуучча олоҕун энциклопедиятынан” ааттаммыт “Евгений Онегин” романын Татьяната кыыс дьахтар үҥэр идеалын дьиҥнээх уобараһа буолан баччааҥҥа дылы уостан түспэккэ ааттанар.
“У лукоморья дуб зеленый”, “Я помню чудное мгновенье”,” Любви надежды тихой славы”, ”Во глубине сибирских руд” хоһооннорун строкаларын үгүс дьон билигин даҕаны өйтөн ааҕан бараллар, «саатар Пушкин хоһоонун билэр инигин” диэн этиини элбэхтик истиэххэ сөп.
Саха норуотугар Пушкин “ Былыт” хоһоонун сахалыы тылынан бастакынан П.А.Ойуунускай тылбаастаабыта. 1949 сыллааха А. С. Пушкин айымьыларын саамай улахан хомуурунньуга сахалыы “Талыллыбыт айымньылар” кинигэ бэчээттэммит. Тылбааска саха биллэр суруйааччылара Күннүк Уурастыырап, Эллэй, И.Чаҕылҕан, Сэмэн Данилов, Дьуон Дьаҥылы, В. Чиряев уо.д.а. тылбаастаммыт үлэлэрэ киирбиттэрэ. Поэт Г. И. Макаров — Дьуон Дьаҥылы Пушкин аатырбыт “Евгений Онегин” айымньытын сахалыы саҥардан улахан биһирэбили ылбыта.
Билиҥҥи кэмҥэ бэйэтин айар үлэтинэн саха норуотун тапталын, билиниитин ылбыт норуот суруйааччыта Наталья Михалева — Сайа тылбааска ылсыыта Александр Пушкин хоһоонуттан саҕаламмыта.
Я помню чудное мгновенье:
Предо мной явилась ты,
Как мимолетное виденье,
Как гений чистой красоты…
Өйдүүбүн ол күлүм түгэни:
Аан бастаан эйигин көрбүппүн.
Бу ууллан сүтүөхтүү уйаҕас
Кэрэттэн кэрэни билбиппин… тыллардаах тылбаас хоһоон саха ааҕааччытын мэлдьитин абылыыр.
Бу күннэргэ улуу поэт А. С. Пушкин 2024 сылга төрөөбүтэ 225 сааһын көрсө, сүдү талааныгар сүгүрүйэр, өлбөт сүппэт айымньыларын ааҕыыга интэриэһи тардар сыаллаах Ньурбатааҕы кииннэммит библиотечнай система Хаҥаластааҕы филиала ыыппыт “Пушкин аата хас биирдии дьиэҕэ…” диэн аахсыйатыгар суолта биэрэн, хаартысканнан кыттыбыт Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы оҕоҕо уонна дьиэ кэргэҥҥэ көмөнү оҥорор киин (сал. Алексеева М. В.) иитээччилэр Герасимова А. А., Семенова О. Н., Аргунова З. Д., Васильева М. К. ааттарыгар, кырачаан кыттааччыларга, Таатта улууһун Ытык — Күөл И. А. Аргунов аатынан киин библиотека үлэһиттэригэр С. В. Ефремоваҕа, Т. И. Павловаҕа махтана, нуучча тылыгар муҥура биллибэт, түгэҕэ көстүбэт киэҥ аартыгы арыйбыт, үтүө иэйиилэри лиирэнэн уйгуурдан, кэрэни кэскиллээбит, үтүөнү үйэтиппит, өлбөт-сүппэт айымньылары хаалларбыт улуу Пушкин аата хас биирдиибит сүрэҕэр мэлдьи баар туруоҕа диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
“Здравствуй, племя, младое, незнакомое” – диэн үүнэр ыччакка эҕэрдэ тэҥэ анаабыт тыллара билиҥҥи көлүөнэ ааҕааччыга үтүө илдьит буолан улуу Пушкин аата хас биирдиибитигэр ааттана туруохтун!
М. Николаева, библиотекарь.