Сэтинньи 4 күнүгэр олохтоох бибилэтиэкэҕэ куйаар ситиминэн РФ уонна СР ИсДьМ туйгуна, бэтэрээнэ, Малдьаҕар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иванов Никита Афанасьевич оскуола уолаттарыгар «Биһиги күүспүт — сомоҕолоһууга» диэн темэҕэ бэсиэдэ оҥордо. Араас норуот сомоҕолоһуута үгүс кыайыыны, хотууну, ситиһиини аҕалбытын история кэрэһэлиирин туһунан билиһиннэрдэ. Бэйэ дойдуга бэриниилээх буолуу дьиэ кэргэнтэн, бэйэ төрөөбүт нэһилиэгиттэн саҕаланарын өйдөттө. Уол оҕо норуот инники эрэлэ, көмүскэлэ буолуохтааҕын, онно бэлэмнээх буолара ирдэнэрин эттэ. Ону сэргэ бэйэтин военнай коллекциятыттан оҕолорго көрдөрө-көрдөрө кэпсээтэ.
Никита Афанасьевич 2007 сыллаахха, ол саҕана Малдьаҕар оскуолатын директорынан үлэлээбит Иванова Татьяна Прокопьевналыын сүбэлэhэннэр, «Уоланнар» диэн байыаннай патриотическай лааҕыр тэрийбиттэрэ. Биэс сыл устата Никита Афанасьевич бэйэтэ тахсан, оҕолору байыаннай дьыалаҕа уhуйтаабыта. Бу лааҕырга республика араас оройуоннарыттан кытта оҕолор кэлэн, бэркэ диэн сөбүлээн, астынан сылдьыбыттара. Бастакы байыаннай лааҕырга сылдьыбыт оҕолор ийэ дойдуларыгар иэстэрин төлөөн, армияҕа олус үчүгэйдик сулууспалаан кэлбиттэрэ, сорохтор билигин СВО-ҕа сылдьаллар. Армияттан кэлбит уолаттар бука бары байыаннай лааҕырга сылдьыбыппыт сүрдээҕин көмөлөстө диэн махтаналлар. Уолаттар бэрээдэк, эт-хаан, өй-санаа да өттүнэн биллэрдик уларыйбыттара, сайдыбыттара. Онон билиҥҥи кэмҥэ маннык лааҕыр баара наһаа наадалаах эбит.
Иванова Елена, Малдьаҕар бибилэтиэкэтэ.