Саха литературата сайдыытыгар, сахалыы төрүт тылбыт өрө тутулларын туһугар тугунан да кэмнэммэт баһаам үлэни ыытар, биһиги киэн туттар биир дойдулаахпыт А. В. Егоров салайар «Айар» кинигэ кыһата 2022 сыл түмүгүнэн сыл бастыҥнарын бэлиэтээтэ.
«Сыл бастыҥ прозата» үрдүк ааты биһиги Дм. Н. Пономаревпут-Дьолуолаах Миитэрэйбит «Биһик» сэһэнэ ылбытын киэн тутта иһитиннэрэбит.
Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин иһинэн үлэлиир «Ньурба уоттара» айар куттаахтар түмсүүлэрин салайааччыта Дмитрий Николаевич бу алтыс кинигэтэ. Чурапчы көһөрүүтүгэр түбэспит ыарахан дьылҕалаах ыал олоҕун кэпсиир «Биһик» сэһэн саха киһитин уйулҕатын күүскэ хамсатар, ааспыт үйэ сэрии кэминээҕи олоҕун сэгэтэн көрдөрөр сэһэн. Бибилэтикэҕэ биир да хоммот, уочаракка сытар, кэллэ да атын ааҕааччы илиитигэр барар бастыҥ ааҕыллымтыа кинигэбит буолар. Аахпыт эрэ бары хайҕыыр.
Убаастыыр салайааччыбытын, сөбүлүүр суруйааччыбытын Дьолуолаах Миитэрэйбитин 2022 сыл түмүгүнэн айымньылаах олоҕун үрдүк ситиһиитинэн эҕэрдэлиибит!
Инники да айымньыларыгар ааҕааччы биһирэбилин ыларыгар бүк эрэнэбит. Эн курдук дьоҕурдаах киһилиин биир кэмҥэ олорорбутунан, алтыһарбытынан киэн туттабыт. Дьолуоҥ өрүү аттыгар эрэ буоллун, Дьолуолаах Миитэрэйбит барахсан!
Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ, «Ньурба уоттара» айар куттаахтар түмсүүлэрэ