Федот Григорьевич Сафронов аатынан Киин библиотекаҕа “Библиотечнай ГТО” күрэх бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ.
Үс күн тухары үстүү араас тэрилтэлэр хамаандалара күөн көрүстүлэр. Бүгүн, ыам ыйын 23 күнүгэр Судаарыстыбаннай экологическай кэтэбил Ньурбатааҕы отделын, Ньурба улууһун контрольно-счетнай палататын, Ветеринария управлениятын хамаандалара дьыктаан суруйуутугар, мүнүүтэҕэ ааҕыыга, тылтан тыл таһаарыыга күрэхтэстилэр. Иккис түһүмэххэ кыттар чиэскэ Ньурба улууһун контрольно-счетнай палататын хамаандата тигистэ.
Кыттыбыт хамаандаларга махтанан туран, кыайыылаах хамаандалары: Кииннэммит бухгалтерия ситимин, Нюрбатааҕы Тутуу управлениятын (ИСУ), Ньурба улууһун контрольно-счетнай палататын хамаандаларын Ыам ыйын 24 күнүгэр 10 чаастан 2 түһүмэхпитигэр квест-оонньууга күүтэбит.