Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар Дьокуускайга кулун тутар 2-4 күннэригэр Ийэ сылыгар уонна Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах Саха сирин дьахталларын XV съезтэрэ уонна II Уһук Илиҥҥи дьахталлар форумнара ыытылла турар.
«Биһиги нэһилиэнньэбит саамай көхтөөх араҥата — дьахталлар 100 сыл устата тугу туруорсан кэлбиттэрин уонна тугу ситиспиттэрин көрдөрөр съезд диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын»- диэн СӨ Ил Түмэн билимҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа, маассабай информация сириэстибэлэригэр уонна уопсастыбаннай үлэ дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева бу улахан тэрээһин иннинэ бэлиэтээбитэ.
Өрөспүүбүлүкэбит үбүлүөйдээх сылыгар ыытыллар үгэскэ кубулуйбут съезкэ уонна иккис төгүлүн ыытыллар Уһук Илиҥҥи дьахталлар форумнарыгар өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын тутаах боппуруостара, ол иһигэр дьахталлар социальнай көҕүлээһиннэрин кытта сибээстээх «Демография», «Үөрэхтээһин», «Култуура», «Доруобуйа харыстабыла», «Экология», «Дьоҕус уонна орто урбааны уонна индивидуальнай урбааны өйөөһүн» национальнай бырайыактары олоххо киллэрии боппуруостара киэҥник сырдатыллан, ону сэргэ, оҕо төрөөһүнүн элбэтэр, ийэни дьарыктаах буолууну өйөөһүн, доруобуйа харыстабылын саҥа таһымҥа таһаарыы, тулалыыр эйгэ, дьахтар урбаанын хаачыстыбалаахтык хааччыйыыга сөптөөх усулуобуйаны тэрийии тула кэпсэтии — бу барыта съезд уонна форум стратегическай сессияларыгар ыытылла, куйаар ситиминэн көрдөрүллэ турар.
Бу улахан тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ хас биирдии улууһуттан олох инники күөнүгэр сылдьар, дойдуларын инники сайдыытыгар ийэлии кыһаллар лиидэрдэр, олоххо көхтөөх бастыҥ дьахталлар кыттыыны ылаллар. Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгиттэн Саха сирин дьахталларын XV съезтэригэр нэһилиэк биир бастыҥ, киэн туттар общественнига, СӨ Муниципальнай сулууспатын туйгуна, Хаҥалас нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Васильева Александра Петровна кыттыыны ыла сылдьар. Александра Петровна бу Сийиэскэ нэһилиэк дьахталларын кытта сүбэлэһэн баран маннык сүрүн туруулаһар этиилээх кыттар — үлэ ыстааһа тиийбэт дьоммутутугар “Үлэ бэтэрээнэ” бочуоттаах ааты дьахталларга — 30 сыл, эр дьоҥҥо 35 сыл үлэ ыстаастаах буоллаҕына аныырга, иккиһэ — бу күҥҥэ ордук тыа сирин нэһилиэнньэтин долгутар олохтоох врачебнай амбулаторияларга сытан эмтэнэр куойканы астарыы. Бүгүҥҥү, кулун тутар 3 күнүгэр ыытылла турар сийиэс стратегическай сессията барыбытын долгутар “Доруобуйа национальнай бырайыак” тула барда. Сессия аһыллыытыгар биир дойдулаахпыт Александра Петровнаҕа Ньурба оройуонун дьахталларын уопсастабыннай хамсааһыныгар бэлиэ кылаатын, үгүс өрүттээх үлэтин иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дьахталларын Сойууһун аатыттан Бочуотунай Грамотаны туттарбыттарын үөрүүннэн көрүстүбүт. Сийиэс үлэтин хаамыытын “Алгыс” нэһилиэк дьахталларын түмсүүтүн салайааччыта Антонова Елизавета Петровна, “Алаас Хотуна” эбээлэр түмсүүлэрин салайааччыта Федорова Марфа Гаврильевна дьүөгэлэрин түмэн сэргээн көрдүлэр.
Хаҥалас, Мария Николаева.