МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

БИЛСИҤ: саҥа кинигэ

Алла Сельтюкова-Айаалла
«КҮН СИРИН КӨМҮСКЭЛЭ — ҮС ИНИ — БИИ БУХАТЫЫР»
Олоҥхо – бу биһиги өбүгэлэрбит орто дойду олоҕун туһунан дириҥ анаарыыларын, кинилэр тыйыс айылҕанан чиҥэтиллибит сыаннастарын уонна ыра санааларын, эйэлээх, уйгулаах олох түстэниитин бөлөһүөктүү көрөр тыыннаах айымньы.

Олоҥхо – бу үрүйэ уутунуу ыраас, үйэлэри уҥуордаан кэлбит модун тыыннаах саха тылын төрдө-төрүтэ. Олоҥхоһут этэн-тыынан туойан бардаҕына, биһиги тылбыт ойуулуур-дьүһүннүүр күүһэ-күдэҕэ, эриэккэс эйгэтэ, эгэтэ-дэгэтэ, туойуллар толбоно араас өҥүнэн арылыйа оонньообутунан барар.
2005 сыл сэтинньи 25 күнэ биһиэхэ барыбытыгар дьоһун суолталаммыта – бу күн ЮНЕСКО Олоҥхону киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин үйэттэн үйэҕэ бэриллэр күндү баайа диэн аан дойду шедеврдэрин ахсааныгар киллэрбитэ. Бу улахан ситиһиини кэрэһилээн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо күнэ олохтоммута.

Ньурбаҕа ааспыт үйэ саҕаланыытыгар 90 олоҥхоһут баара диэн история кэрэһэлиир. Онтон күн бүгүн, Ньурба олоҥхотун аар -саарга аатырдар Ийэ — олоҥхоһут Иванов В. И.- Чиллэ Баһылай буолар.
Бэлэм олоҥхону толорооччу оҕолорго да, орто-аҕам саастаахтарга баар эбит буоллаҕына, олоҥхону айыы республика үрдүнэн олус аҕыйах, суоҕун тэҥэ.
Маннык уустук, тылбыт, олоҥхобут сүтэр кутталга киирбит кэмигэр олоҥхо айан, сурукка түһэрэн, кинигэ гынан таһааттарбыт
Сельтюкова Алла Руслановна- Айаалла 1963 сыллаахха тохсунньу 24 күнүгэр Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа этиэхтэн кэрэ, ийэ айылҕалаах Чиллэ үрэҕэр ааспыта.
Кэргэнинээн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн дьиҥ сахалыы сиэринэн, бултаан-алтаан, сүөһү-сылгы тутан Хоруларыттан, ханна да халбарыйбакка, оҕолорун сүһүөхтэригэр туруоран элбэх сиэн көрүүтүгэр көмөлөһөр эбээ-эһээ буолаллар.
Айаалла хоһоон айыытынан дьарыгыраат, тута хотуулаахтык хоһоон хонуутугар киирбитэ. Бастакы хоһоонноро куйаар ситимин нөҥүө көтөн дьон сэҥээриитин ылбыта кини айар аартыгар ааны аспыта. Тута кэриэтэ «Көмүс ньээкэ уйам-кэрэ айылҕам», «Сахам сирэ-Айыы сирэ», «Удьуор утум симэхтэрим» диэн хоһоонноро түмүллүбүт кинигэлэрэ тахсыбыта.
2022 сыл ыам ыйыгар «Күн сирин көмүскэлэ-үс ини-бии бухатыыр» олоҥхотун Дани-Алмаас кинигэ кыһатыгар бэчээккэ биэрбитэ, 81 сирэйдээх дьоҕус кинигэ 100 ахсаанынан күн сирин көрбүтэ.
Сахалыы тыл иччитин илдьэ сылдьар АЙААЛЛА саха тыла сайдарыгар,сиртэн симэлийбэтигэр көмүс көлөһүнүн тоҕон таһаарар айымньылара саха норуотугар үйэлээх уонна хаһан да сүппэт бэлэх.
Айааллаҕа саха аймах үйэлэргэ махталлаах буолуо… Кэлэр көлүөнэ сүгүрүйүө, төрөөбүт тылынан саҥарыа, саҥаттан-саҥа аартыктары арыйыа.

Маргарита Ноева.