2012 сылтан Саха сиригэр муус устар бастакы өрөбүл күнүгэр Булчут күнэ бэлиэтэнэр.
Өбүгэлэрбит бу уустук идэни баһылыырга үйэлэр тухары үтүө үгэстэри муспуттара, айылҕаны харыстыыр айыы санааны иитиэхтээбиттэрэ. Булт тулууру уонна сатабылы эрэйэр дьарык. Ойуурга таҕыстыӊ да, мэлдьи илии тутуурдаах, өттүк харалаах киирбэккин. Булт баар буолан саха омук сүтэн, симэлийэн хаалбакка, ахсаан өттүнэн элбээн, сүүрбэ биирис үйэҕэ бигэтик үктэннэҕэ.
Сэбиэскэй кэмҥэ түүлээҕи бултааһын государство биир сүрүн сорудаҕа этэ. Бултаммыт түүлээх государствоҕа туттарыллан, дойду валютнай фондатын хаҥатан тас дойдуга атыыга тахсар диэн буолара. Хаӊалас нэһилиэгэр урукку аҕа көлүөнэ дьоннортон күндү түүлээҕи государствоҕа элбэхтик туттарбыт байанайдаах булчуттар олорон булт соноругар олохторун анаан, үлэлээн аастахтара.
Биир тумус туттар 60-тан тахса сыл күндү түүлээх соноругар сылдьыбыт чулуу булчутунан Бысыров Андрей Герасимович буолар. Кинини кытта сэргэ баай хара тыатыттан арахсыбатах, күндү түүлээҕи сыыһа үктэппэтэх, булт муудараһын баһылаабыт “Марха” сопхуос биир бастыҥ булчута Николай Спиридонович Иванов, сэрии бэтэрээнэ Г. А. Федотов — Күүстээх Хабыкка, Михайлов С. П. , Н. Н. Егоров — Ньукутта, А. В. Николаев — Хорула Аппанаас, Н. А. Григорьев — Быралгы уо.д.а. этилэр. Олорон ааспыт сорсуннаах булчуттарбыт, билиилэрин — көрүүлэрин, олохторун уопутун ыччаттара салҕыыллар.
Киһи кэрэмэһэ, булчут ааттааҕа этэ.
Хаҥалас нэһилиэгэр үтүөкэн үлэһит, уос номоҕор сылдьар сорсуннаах байанайдаах булчут да быһыытынан, дьон өйүгэр — санаатыгар хаалбыт киһинэн биир дойдулаахпыт «Саха Республикатын бастыӊ булчута» аат хаһаайына, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера Бысыров Андрей Герасимович буолар.
Бысыров Өндөрөй бэрт эдэр сааһыттан сытыы — сылбырҕа, кыанар-хотунар буолан, көмүс бириискэтигэр Бодойбо5о (19 күн сатыы айаннаан тиийбит), онтон Алдаҥҥа илии хара үлэтигэр, куонньутунан үлэлээбитэ. Сатаҕа «Кыһыл знамя» холкуос тэриллибитигэр сэрии саҕана ферма сэбиэдиссэйинэн, бэрэссэдээтэл солбуйааччытынан сылдьыбыта. 1959 с. «Коммунизм» холкуос кадровай булчутунан сылдьан «сымнаҕас көмүһү» судаарыстыбаҕа былаанын күнтэн — дьылтан тутулуга суох куоһаран 220% толорон бастыҥ производственник аатын сүкпүтэ.
Оройуон, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар Өндөрөй Бысыров туһунан элбэхтик хайҕаан суруйбуттарын, оччотооҕу хаһыаттартан элбэҕи булуохха сөп эбит. Ол курдук оройуон хаһыатыгар биир дойдулааҕа селькор Василий Максимов кини туһунан элбэх ыстатыйаларын, саха биллэр суруйааччыта Егор Неймохов 1986 сыллаахха «Кыым» хаһыакка «Икки үйэ кирбиитигэр» ыстатыйатын 81- с сылын бултуу сылдьар ытык кырдьаҕаһы кытта анаан-минээн кэлэн көрсөн барбытын туһунан бэрт сэргэхтик суруйбут ыстатыйатын киэн тутта ааҕыахха сөп. Кини көрсө кэлэригэр 96 саастаах ытык кырдьаҕаһа бэрт эрчимнээхтик туттан, мас хайыта турар эбит, билиҥҥэ диэри бултуубун, оҕолорбунаан оттоһобун, техникаҕа бааһарбын сөбүлээбэппин, эт атахпынан сылдьарбын ордоробун диэн соһуппут. Дьэ бу буоллаҕа 90 сааскар диэри торуосканы тутума, сүүрэ сырыт диэн алгыс этэр тылларын дьиҥнээх холобура. Биир дойдулаахпыт суруналыыс С. П. Гаврильев 1974 сыллаахха «Коммунизм суола» хаһыакка «Кыраһа суола сирдьиттээх» ыстатыйатыгар маннык ахтыыны суруйбут: » …Сыыстан-буортан тэйбит курдук мэлдьи чэбэрдик ыраастык тутта сылдьар Өндүрэй кырдьаҕас ферма сэбиэдиссэйинэн, бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир да эрдэҕиттэн дьоҥҥо улаханнык сөбүлэппит киһи. Ол кини чиэһинэйиттэн, үтүө суобастааҕыттан, мэлдьи дьарыктаах, мэлдьи туһалыы сылдьарыттан буолар. Судаарыстыбаҕа 60-тан тахса сыл төһөлөөх түүлээҕи туттарбыта буолуой…»- диэн.
Өндүрэй Бысыров олоҕун устата үлэни таҥара оҥостон, үлэттэн дьоллонуу диэни билэн аастаҕа. Кини бу сиргэ олох олорон, саха киһитигэр баар бары бастыӊ хаачыстыбаны иҥэринэн, байанайдаах булчут, уратылаах отчут, бастыҥ мас ууһа, сорсуннаах сонордьут, балыксыт бастыҥа буолан, дьоһун олоҕу олорон ааспыта биир дойдулаахтарыгар мэлдьи ытыктабылынан ахтыллыа.
Булт туһа диэн сылдьар биир дойдулаахтарбытын бу саха дьонугар биир ураты – Булчут күнүнэн эҕэрдэбитин, баай барыылаах байанайгыт бэрсэ турдун! — диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
М. Николаева, библиотекарь.