Сэтинньи 24 күнүгэр Оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтэ көҕүлээһининэн Ньурба 3 N-дээх оскуолатын боруогун маҥнай атыылаабыт кырачаан 1 «Б» кылаас оҕолоругар (кыл. сал.Егорова Сардана Васильевна) анаан оҕо суруйааччыта, буойун — бэйиэт П. Н. Тобуруокап 105 сылыгар анаан сэргэх тэрээһин буолан ааста.
Суруйааччы оҕолорго анаабыт айымньылара кырачаан ааҕааччыларга тулалыыр эйгэ, күн ый, айылҕа көстүүлэрин , кини олохтоохторун, олох туһунан бары ыйытыыларыгар судургу тылынан, оонньуу быһыытынан толору эппиэти биэрэллэр. Хоһоонноро сүһүөхтэрин ахсаана аҕыйах, строкалара кылгас буолан тутатына өйдөнөллөр. Бу маны барытын оҕолор П. Тобуруокап хоһооннорун, остуоруйатын кинигэлэриттэн ааҕан иһитиннэрэн, оҕолору кытары тэҥҥэ ырытыы нөҥүө бибилэтиэкэ үлэһитэ Семёнова Л. П. бэрт интэриэһинэйдик билиһиннэрдэ.
Кырачаан истээччилэр суруйааччы хоһоонноругар барыта 345 ырыа айыллыбытын сөхтүлэр — махтайдылар. «Чабырҕахтар» диэн буукубалары өйдөтөр сыаллаах саҥарар кинигэ үөрэнээччилэр болҕомтолорун тарта.
Васильева Диана П. Тобуруокап «Эрдэ турбут оҕолор» хоһоонун доргуччу ааҕан иһитиннэрдэ.
Оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтэ