Сэтинньи 5 – 15 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллэр судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай диэйэтэл, саха омук өйүн-санаатын чулуу сирдьитэ Былатыан Ойуунскай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах декада биллэриллибитэ.
П. А. Слепцов — Ойуунускай – саха биллиилээх общественнай деятелэ, бэлиитик, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, суруйааччы, бэйээт, тылбаасчыт, драматург, учуонай-лингвист 130 сыллаах үбүлүөйүн көрсө бүгүн сэтинньи 10 күнүгэр С. П. Алексеев — БоҺуут аатынан Чаппанда орто оскуолатыгар П. А. Ойуунускайга аналлаах библиотечнай уруоктар 7, 8, 9, 10 кылаастарга ыытылыннылар. Ойуунускай айар-үлэтин олоҕун уонна кинигэлэрин билсистилэр, түмүктүүр чааска «Былытыан Ойуунускай олоҕо» литературнай биктэриинэҕэ кытыннылар. Биктэриинэ түмүгүнэн 7 кылаастарга Семенова Күннэй, Герасимов Андрей, 8 кылаастарга Егорова Лилиана, Прокопьева Ярослава, 9 кылаастарга Алексеева Алина, 10 кылаастарга Егорова Настя бириистээх миэстэлэри ылан Добун суругунан бэлиэтэннилэр. Бары кыттааччылар П. А. Ойуунускай буклеты туттулар.
Бүгүн бэтэрээн ааҕааччым 87 саастаах Егорова Зоя Васильевна кэлэн диван сабыыта бэйэтин баайбытын библиотекаҕа бэлэхтээтэ уонна Ойуунускай хоһоонуттан быһа тардан аахта.
Олохтоох бибилэтиэкэр Тимофеева Е. С.