Ыам ыйын 31 күнэ – Аан дойдутааҕы табахтан аккаастанар күн. Бу күнү 1988 сыллаахха Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ олохтообута. Сыл ахсын табахтан аккаастанар күҥҥэ үгэс быһыытынан куһаҕан дьаллыгы кытта охсуһар араас аахсыйалар, табах буортутун туһанан өйдөтөр бэсиэдэлэр буолаллар.
Ыам ыйын 30 күнүгэр Чаппанда нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар «Чөл олох-доруобуйа төрдө» информационнай чаас оҕолорго анаан ыытылынна. Оҕолор библиотекаҕа кэлэн «Тайна едкого дыма» видео-мультик көрдүлэр, онтон видео ис хоһоонун тугу көрбүттэригэр боппуруостарга эппиэттээтилэр уонна өйдөрүттэн тугу өйдөөн көрбүттэринэн уруһуйдаан кытыннылар.
Кинилэргэ анаан “Всемирный день без табака” кинигэ быыстапката турда. Бүгүҥҥү тиэмэ5э кэлбит о5олор бары көхтөөх кыттыыны ыллылар. Кэлэн кыттыыны ылбыт оҕолорго махтал.
Е. С. Тимофеева, бибилэтиэкэр.