Россияҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар аналлаах «Толкуйдаа. Оонньоо. Кыай» Өркөн өй оонньуута буолан ааста. Күрэххэ үс көлүөнэ: оҕо ийэ, эбэ кыттыылаах ыытылынна.
Күрэх биэс түһүмэҕинэн араас билиини тургутар ыйытыктар көмөлөрүнэн ыытылынна.
Күрэх дьүүллүүр сүбэтигэр үлэлээтилэр: кыраайы үөрэтээччи, краевед Сидорова Т. Д., Чаппанда нэһилиэгин дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михайлова З. П.
Биэс түһүмэхтээх күрэх түмүгүнэн 3 миэстэни ыллылар: Тимур, Анна Борисовна, Розалия Семеновна Николаевтар дьиэ кэргэннэрэ, иккис миэстэни ыллылар: Алина, Саргылана Васильевна, Марфа Ефремовна Алексеевтар дьиэ кэргэннэрэ, бастакы миэстэни ыллылар: Даниэль, Нюргуяна Альбертовна, Римма Николаевна Андросовтар дьиэ кэргэннэрэ уонна “Ааҕар дьиэ кэргэн-2024” анал ааты ыллылар.
Бары кыттааччылар Добун суругунан, мэтээллэринэн бэлиэтэннилэр, күрэх саамай кыайыылааҕа «Ааҕар дьиэ кэргэн — 2024» анал кубогу тутта, анал бириистэри туттулар.
Көхтөөх кыттыыны ылбыт ааҕар дьиэ кэргэттэрбитигэр кэлэн кыттыыны ылбыккытыгар махтанабын. Өрүү да маннык кытта туруҥ.
Библиотекарь Е. С. Тимофеева.