Чкаловка култуурунай сырдатар тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылла тураллар. Ол курдук, дьону, бэлиэтээн эттэххэ, нэһилиэк эдэр көлүөнэ ыччаттарын патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга сыаллаах-соруктаах «Святое дело — Родине служить» диэн Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн олунньу 21 күнүгэр «Саха сүөһүтэ» хааһына тэрилтэтин үлэһиттэригэр бырааһынньыктааҕы тэрээһин ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ Чкалов олохтооҕо, Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа бастыҥ ыалдьыт буолла. Аканаттан «Саха сүөһүтэ» хааһына тэрилтэтин салайааччыта Андрей Владимирович Игнатьев кэлэн ыалдьыттаата. Кинигэ быыстапкатын сэҥээрэн көрдүлэр-иһиттилэр. Олохтоох бибилэтиэкэ аатыттан кыра сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар. Минньигэс астаах остуол тула олорон сэһэргэстилэр, үлэһит дьон буолалларын быһыытынан саха сүөһүтэ инники сайдар былаанын торумнастылар.
Бибилэтиэкэр Г. Баснаева.