МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Чуукаар орто оскуолатыгар «Эбээ, Эһээ оскуолата» уонна «Толкуйдаа, оонньоо, кыай» күрэс

Олунньу 13 күнүгэр Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн саха тылын учууталлара уонна иитэр-үөрэтэр салаа көҕүлээһиннэринэн «Талба» эбээлэр түмсүүлэрэ А. Ф. Алексеев аат. Чуукаар орто оскуолатыгар «Эбээ, Эһээ оскуолата» норуот үөрэҕэр уһуйар оскуола тэриллэн Аан тэрээһини саҕалаатылар. Сарсыарда оҕолор үөрэнэ кэлэллэригэр алаадьы астаатылар, арчылаан сыт таһаардылар. Үс бөлөххө арахсан алыҥ сүһүөх үөрэнээччилэригэр олохтоон ааптар Лидия Степановна суруйбут остуоруйаларын аахтылар, орто уонна үрдүкү сүһүөх оҕолоругар сахалыы лэппиэскэнэн, тута алаадьы буһара-буһара саха сиэрин-туомун, үтүө үгэһин туһунан кэпсээтилэр, хомуска оонньоотулар, баҕа санаа ситимин өрдөрдүлэр. Ол кэннэ оскуола бары үөрэнээччилэрэ үөрүүлээх линейкаҕа эбээлэргэ «Төлөн» оҕо хамсааһынын аатыттан махтанан оскуола иһинэн үлэлиир бизнес инкубатор оҥорон таһаарбыт минньигэс сакалаатын туттардылар.
«Эбээ, Эһээ оскуолата» үүнэр көлүөнэлэрбитин үтүө үгэскэ, кэрэҕэ сирдээн истиннэр диэн баҕа санаабытыр тиэрдэбит.

А. Ф. Алексеев аат. орто оскуола коллектива.

Олунньу 13 кунугэр Чуукаардааҕы Егор Михайлович Поликарпов аатынан «Эйгэ» норуот айымньытын киинигэр төрөөбүт сахабыт тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр, ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр анаан «Толкуйдаа, оонньоо, кыай» диэн тэрилтэ үлэһиттэрин икки ардыгар күрэс буолан ааста. Күрэскэ кытта, көрө кэлбит дьоннору тэрийээччилэр саламааттаах алаадьынан, быырпаҕынан күндүлээн көрүстүлэр. Оонньууга барыта биэс тэрилтэ хамаандата кыттыыны ыллылар. Түөрт түһүмэхтэн турар күрэспит олус интириэһинэйдик ааста. Оонньуу түмүгэр кыайыылаахтарга, кыттааччыларга добун суруктар уонна туоһу суруктар туттарылыннылар.

         
Маргарита Заболоцкая — Чомчуук хоҺооно

Клавдия Андреева.