Саха сиригэр 2016 сылтан Сылгыһыт күнэ бэлиэтэнэр.
Киһи аймах олоҕун сайдыытыгар сылгы сүөһү үйэлэртэн үйэлэргэ киһи ааҕан да сиппэт элбэх үтүөтүн оҥорон кэллэҕэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан күн бүгүнүгэр дылы Дьөһөгөй оҕотугар-сылгыга сүгүрүйэр. Киниэхэ ат миинэр миҥэ, көлүллэр көлө, уһун айаҥҥа ырааҕы чугаһатар аргыс доҕоро, ону сэргэ иҥэмтэлээх аһа, таҥнар таҥаһа, киэргэлэ. Саха сылгыта бытарҕан тымныылаах уһун кыһыҥҥа хаары хаһан аһаан туоруур уратытынан эмиэ биһирэнэн кэллэҕэ. Ол да иһин саха норуота дьөһөгөй оҕотугар сүгүрүйүүтүн туоһу оҥостон, былааҕы өрө туппут саха аллаах атынан айаннатан иһэрэ Сахабыт сирин дьаралыгар киирдэҕэ.
Хаҥалас нэһилиэгэр урукку колхозтар саҕана бас-көс сылгыһыттарынан С. И. Иванов — Чороон, Н. Тимофеев — Муруку, кэлин В. Н. Романов, Н. И. Ксенофонтов — Сулуһаах, В. Н. Алексеев — Тууйааһап, Р. Ст. Иванов, П. Е. Саввинов — Бараан Бүөтүр үлэлээбиттэр. Салгыы атын көлүөнэ сылгыһыттар Г. А. Герасимов — Куолдьа, А. И. Габышев, А. С. Винокуров үлэлээбиттэрэ. Кэлин «Хаҥалас» СПК-тыгар А. С. Григорьев, А. Н. Кононов сылгыһыттаабыттар. Сылгы улахан аҥара Үөдэйгэ турбута. Убаһа күһүн забойга барара, сороҕо иитийэххэ хаалара.
Саха киһитэ барахсан сылгы айыылааҕа, киниэхэ сүгүрүйэрэ мээнэҕэ буолбатах буолан, кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска аһаҕас халлаан анныгар сылдьар сыспай сиэллээҕи көрөн-истэн, чахчыта да, тулуурдаах, хорсун кыанар дьон буолан бу чэпчэкитэ суох үлэҕэ сыстан үлэлээн кэллэхтэрэ. Сылгыһыт уустук үлэтэ дьиҥ айылҕаны кытта алтыһарынан тустаах киһиттэн бу идэҕэ үөрүйэҕи билиини таһынан, элбэх мындырдаах үлэҕэ тапталы, бэриниини эрэйэр.
Хаҥалас нэһилиэгин олохтоохторо бу күҥҥэ дылы сылгыһыт быһыытынан өйдөөн хаалбыт дьоннорбут, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ Василий Никитич Алексеев — Тууйааһап уонна Саввинов Петр Егорович — Бараан Бүөтүр. Ыаллыы олорбут, үлэһит дьоммут сылгыһытынан үлэлээбит кэмнэрэ олохторун дьылҕата, бэриниилээх үлэ үтүө холобура буолар.
Мантан салҕыы аҕатын Бүөтүр Саввинов туһунан куоракка олорор улахан кыыһа Наталья Петровна Соловьева суруйбутун, урукку өттүгэр кини туһунан ахтыы тахсыбатаҕынан биир дойдулаахтара ааҕан сэргииргитигэр ыҥырыам этэ. “Аҕам мин киһини өйдүүр буолуохпуттан сылгыһытынан үлэлиир этэ. Колхоз саҕана бииргэ үлэлээбит дьонунан Алексеев Василий Никитич, кылгас кэмнэргэ Федоров Г. Дм., Ксенофонтов Н. Игн., Васильев С. И. үлэлээбиттэрэ. Семен Васильев куонньуктуур этэ, уулуссанан ааһарын элбэхтик көрөрүм. Оҕо сылдьан ийэбинээн сыарҕалаах атынан Ноонук Борускуотун аахха күүлэйдээн кэлбиппитин олох умнубаппын, ийэм эт кэһиилээх этэ. Барарбытыгар Борускуо эмиэ арыы, эт, сибэкки ойуулаах улахан былаат туттаран ыыппыта. Хор урут оннук бэрсиһэр үтүө үгэс баар эбит. Кэлин Григорьев Николай — Олулла, Иванов Роман үлэлии сылдьыбыттарын өйдүүбүн. Ол саҕана колхоз бэрэссэдээтэлинэн Илья Кутанов үлэлиирэ. Саамай өр кэмҥэ эн-мин дэһэн үлэлээбит киһитинэн Василий Никитич Алексеев буолар. Сылгыһыттар биһиэхэ киирэн сылгыларын ахсаанын, атыырдарын үөрүн, төрүөхтэрин, өҥнөрүн саастарын суруйуу буолара. Онно куруук Баһылай барахсан баар буолара. Кини сымнаҕас майгылаах буолан, утары тугу да эппэт буолара, үксэ аҕам тугу этэринэн суруллара. Сайын буолла да, биэ тутан аҕалан, хааччахха туруоран ыһыахха кымыс оҥороору ыаталлара. Кэлин “Марха” совхоз тэриллэн аҕам Василий Никитичтыын Үөдэй отделениетыгар уунан үлэлиир буолтара. Аҕам дьиэтигэр өрөбүллэргэ эрэ кэлээччи, таҥаһа барыта кырыа, хаар, сирэйэ наар үлүйбүт иһэлийбит буолааччы. Төһөлөөх тоҥуу хаары кэстэрэн аттарын үөһэ олорон сылгы үөрүн үүрэн тоҥоллорун — хааһалларын бэйэлэрэ эрэ билээхтээн бардахтара…”.
Бу көстүүнү сылгыһыт Баһылай кыра кыыһа, Ньурбатааҕы дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго көмөнү оҥорор киин салайааччыта Марианна Васильевна Алексеева:
— «…Аар айылҕа тыыннаах диибит, ол аата кини өйдөөн суохтаан эрдэҕэ тоҥ көмүрүө хаары тоҕо кэстэрэн сылгы күөйэн һуй-һай бөҕөнү түһэрэн сылгыһыт уолаттара алаас ортотунан көтүтэн иһэллэрин… Онтон сылгыһыт сыыйыллар суола орто дойду олоҕун быһа көтүтэн үөһээ дойдуга сыыйылла турдаҕа» — диэн олус истиҥник аҕатын туһунан ахтыытын түмүгэр суруйбута.
Билигин Хаҥалас нэһилиэгэр, бэйэтэ этэринии «күн дьөһөгөй оҕотун кытта алтыһарбынан астынабын» — диир сылгы куттаах 40-тан тахса сыл эҥин бэйэлээх аты миинэн, дьүккүөрдээх үлэһит дьону кытта алтыһан үлэлээн кэлбит сылгыһыт үтүөтэ нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Александр Семенович Винокуровы ааттыахха сөп. Ону сэргэ нэһилиэкпитигэр сылгыны иитэр, харайар ыал ахсаана сыллата эбиллэ турар.
Аһаҕас халлаан анныгар сылдьан, сыспай сиэллээҕи тэнитэр туһугар сыралаһан үлэлэһэ сылдьар биир дойдулаахтарбытын бу Дьөһөгөй ыйыгар бэлиэтэнэр Сылгыһыт күнүнэн истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит,чэгиэн туругу күннээх ыраас халлааны баҕара хаалабыт.
Мария Николаева, библиотекарь.