Ыал, дьиэ кэргэн буолуу – айылҕа уһулуччулаах кэрэттэн кэрэ уонна сиэрин-туомун толору сиппит үчүгэйтэн үчүгэй айымньыта. Дьиэ кэргэн – общество тулхадыйбат төрдө, омук сайдыахтаах инникилээх кэскилэ. Дьиэ кэргэн хайдах туруктааҕыттан, кини хайдах дьаһанан олороруттан бүтүн норуот олоҕо тутулуктаах.
2024 сыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар анаан Мэҥэдьэктээҕи 11 нүөмэрдээх (Габышева М. Г.) уонна Антоновкатааҕы 3 нүөмэрдээх бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ (Ефремова Л. П., Сухаринова Р. Н.) бырайыак суруйан, Ньурба оройуонун баһылыгын гранын ылан, Ньурба оройуонугар аан бастакытын ыытыллар интеллектуальнай этнографическай дьиэ кэргэн күрэҕин, «Дьиэ кэргэн – биир сомоҕо” бырайыагы ыытан эрэбит. Бырайыакпыт сыалынан оройуоммутугар 100 ыалы түмүөхтээхпит, саха литературатын сэҥээрээччилэри, саха тылынан саҥарар дьиэ кэргэттэри сомоҕолуохтаахпыт. Күрэхпит балаһыанньатынан үс көлүөнэ кыттыыны ылыахтаахтар: эбээ эбэтэр эһээ (эбээ, эһээ бииргэ төрөөбүтэ буолуон сөп), төрөппүт уонна биэс сааһыттан үөһээ оҕо буолуохтаах. Бырайыак алтынньы ый 14 күнүттэн Маалыкай куустатыттан саҕаланан Ньурба оройуонун бары нэһилиэктэригэр ыытыллыахтаах. Бастакы тургутуу түһүмэх нэһилиэктэринэн, онтон ахсынньы ыйга түмүктүүр түһүмэх Ньурба куоратыгар ыытыллыахтаах. Нэһилиэккэ кыайбыт хамаанда Ньурба куоракка ахсынньы ыйга ыытыллар түмүктүүр түһүмэххэ кыттарга ыҥырыы суругу ылаллар. Түмүктүүр түһүмэххэ бастаабыт хамаанда 70 тыһыынча, иккис миэстэҕэ – 30 тыһыынча, үһүс миэстэҕэ 10 тыһыынча сууммалаах сэртипикээттэр, кыттыылаахтарга өйдөбүнньүк бириистэр туттарыллыахтара.
Дьиэ кэргэттэри сомоҕолуур, дьиэ кэргэттэр түмсүүлээх буолууларыгар туһуланар күрэхпит Мэҥэдьэк нэһилиэгэр алтынньы 15 күнүгэр ыытылынна, аҕыс үс көлүөнэ дьиэ кэргэн кыттыыны ылла. Түмүккэ, Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ Андрей, Алена Владимировна, Александра Васильевна Кириллина муҥутуур кыайыылаах буоллулар.
Маалыкайга алта ыал кыттыыны ылла, кыайыылаахтарынан Афанасий, Мираида Васильевна, Ольга Николаевна Ушкановтар буоллулар.
Малдьаҕарга түөрт ыал кыттыбытыттан Александра Васильевна, Саргылаана Николаевна, Айсаара Саввиновтар кыайыы үөрүүтүн биллилэр.
Чуукаарга түөрт дьиэ кэргэн кыттыыны ылбытыттан Мария Федотовна, Наталья Саввична, Сардаана (11 кылаас) Алексеевтар кыайыы көтөллөннүлэр. Кыайыылаахтарбытын ахсынньы ыйга Ньурба куоракка түмүктүүр түһүмэххэ кыттар ыҥырыы суруктары ылан, нэһилиэктэрин көмүскүүр чиэскэ тигистилэр.
Атын нэһилиэктэргэ ыытыллар күннэрэ:
Алтынньы 21 күнэ – Өҥөлдьө;
Алтынньы 23 күнэ – Акана;
Алтынньы 25 күнэ – Хорула;
Алтынньы 28 күнэ – Хаҥалас;
Алтынньы 30 күнэ – Киирэп;
Сэтинньи 4 күнэ – Үөдэй;
Сэтинньи 6 күнэ – Маар;
Сэтинньи 11 күнэ – Марха;
Сэтинньи 13 күнэ – Антоновка;
Сэтинньи 18 күнэ – Күндээдэ;
Сэтинньи 20 күнэ – Дьаархан;
Сэтинньи 25 күнэ – Дьиикимдэ;
Сэтинньи 27 күнэ – Чаппанда;
Ахсынньы 2 күнэ – Ньурбачаан;
Ахсынньы 4 күнэ – Сүлэ;
Ахсынньы 9 күнэ – Ньурба куората;
Ахсынньы 12 күнэ – Убайаан;
Ахсынньы 19-20 күнэ түмүктүүр түһүмэх Ньурба куоратыгар ыытыллар.
Күрэх балаһыанньата олус судургу, түөрт түһүмэхтэн турар: саха суруйааччылара, сахалыы итэҕэл (сиэр-туом), төрөөбүт төрүт тыл уонна Марха улууһа төрүттэммитэ 200 сылыгар аналлаах ыйытыктар. Кыттааччыларга эппиэттиир бланка бэриллэр, онно үс эппиэт суруллубутуттан биир сөптөөх эппиэти талан ылыахтаахтар, хас биирдии ыйытыкка 15 сөкүүндэ бэриллэр. Түмүккэ, ким элбэх очукуону ылбыт ол кыайыылаах тахсар. Онон, дьиэ кэргэттэри куттаммакка, толлубакка кытталларыгар ыҥырабыт, кыттыахтара диэн эрэнэбит, дьиэ кэргэн сылынан үс көлүөнэ дьон биир сомоҕо буолан, биир умнуллубат түгэни, дьиэ кэргэттэр мустубут дьол түһүлгэтин мүччү тутумаҥ.
Хайа баҕарар нэһилиэккэ библиотекардар саамай көхтөөх, дьону сатаан түмэр, элбэх эгэлгэ тэрээһиннэри сатаан тэрийэр дьоннорунан буолаллар. Онон биһиги, библиотекардар, түмсүүлээхпитин бэлиэтээн, биир сомоҕо буоламмыт дьиэ кэргэн бырайыагын улуус таһымыгар таһаарбыппыт мээнэҕэ буолбатах дии саныыбын.
Түмүктээн эттэххэ, Мэҥэдьэк түбэтин дьиэ кэргэттэрэ олус түмсүүлээхтэрин, көхтөөхтөрүн көрдөрдүлэр. Атын да нэһилиэктэр бырайыакпытын өйөөн, элбэх кыттааччылаах буолуохтара диэн эрэнэбит, кэтэһэбит. Маннык тэрээһиннэр оҕо, ыччат бэйэтин дьиэ кэргэнин, дьонун кытта чугас сыһыаннаах буоларыгар, киэн туттарыгар олус улахан суолталаах. Кэлэр кэнчээри ыччаты төрөөбүт тылынан сөпкө саҥарар, сайыннарар, иитэр – үөрэтэр үлэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланарын умнумуоххайыҥ.
Матрена Габышева, Мэҥэдьэк.