Араначчыланыы, харыстаныы хайа баҕарар омукка күүскэ сайдыбыт ньыма буолар. Харысхал суолтатын хайа баҕарар омук араас суолталаан,ойуулаан-дьүһүннээн туттар. Ол курдук сахалар эмиэ сиэргэ-туомна туттар ойуулара үгүс элбэх. Харысхал – киһини харыстыыр, арчылыыр аналлаах эмэгэт, ымыы. Нууччалыы эттэххэ, “оберег, талисман” диэн буолар.
Олунньу 16 күнүгэр, ааҕар саалаҕа Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-психологическай өйөбүл оҥорор киин Ньурбатааҕы филиалын исписэлииһэ Алексеева Туяра Михайловна «Дьиэ кэргэн – ыалы бөҕөргөтүү харысхала» маастар кылааһы үһүс көлүөнэ оскуолатын истээччилэригэр ыытта. Кини «Дьол уйата» тапталы, дьолу уйалыыр уруу-аймах кэҥээн-тэнийэн уйгулаах олохтонуутун түстүүрүн, “Биэс харах” ойуу уйгуну-быйаҥы аҕалар өйдөбуллээҕин, эбиитин хара дьайтан, куһаҕан тыынтан, киһини быһа этэр тылтан харыстыырын, алаһа дьиэҕэ эйэни, тапталы, дьолу түстүүрүн харысхал ойуутун көрдөрө-көрдөрө кэпсээтэ. Истиҥ-иһирэх эйгэлээх маастар кылаас кэмигэр истээччилэр, күө-дьаа сонуннарын үллэстэ-үллэстэ, бэйэлэрин илиилэринэн харысхал оҥоһуннулар.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ Ньурба улууһун бэтэрээннэрин Сүбэтин салайар, сүрүннүүр Татьяна Прокопьевна Олесова тылы «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Ньурбатааҕы олохтоох салаа толорооччу сэкирэтээрэ Виктория Валерьевна Степанова биэрдэ. Баартыйа аатыттан үһүс көлүөнэ оскуолатын актыыбынай истээччитигэр, Ньурба улууһун уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх кыттыылааҕар, норуот маастарыгар, үлэ бэтэрээнигэр Антонова Мария Васильевнаҕа Махтал суругу туттарбытын үөрэ-көтө сэргээтибит.
Ф. Г. Сафронов аатынан киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата.