Дойдубутугар дьиэ кэргэн сыла, Өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сыллара буола турарынан, дьиэ кэргэн күнүгэр аналлаах Мэҥэдьэктээҕи 11 нүөмэрдээх бибилэтиэкэҕэ Хатыы орто оскуолатын үөрэнээччилэрин дьиэ кэргэттэригэр анаан өркөн өй оонньууну ыытта. Уопсайа сэттэ дьиэ кэргэн кыттыыны ылла. Түөрт түһүмэхтээх күрэскэ муҥутуур кыайыылааҕынан Матрена Григорьевна уонна Дьулусхан Тимофеев таҕыстылар, 2 миэстэ Арылхан, Катюша Михайловна Аммосовтар, 3 миэстэ Антон, Марианна Владимировна Антоновтар буоллулар. Кыайыылаахтар добун суругунан, сэмэй бэлэҕинэн, кыттыбыттар бары туоһу суругунан наҕараадаланнылар.
Бэлиэтээн эттэххэ, эдэр ийэлэр көхтөөх кыттыыны ылбыттара олус кэрэхсэттэ. Кыттааччы оҕолорбутугар улахан аҥаара уолаттар кыттыбыттара эмиэ олус үөрүүлээх.
Дьиэ кэргэттэрбитигэр дьол – соргу тосхойдун, куруутун оҕолоргутун батыһыннара сылдьан сырдыкка-кэрэҕэ угуйуҥ, элбэх билиилээх-сайдыылаах суолу сирдээҥ.
Матрена Габышева, Мэҥэдьэк.