Дикимдэ нэһилиэгин библиотеката оскуоланы кытта үлэлииригэр ордук кылаас салайааччыларын таһынан оскуола библиотекара Сабычикова Любовь Афанасьевнаны кытта ыкса сибээһи тутуһар.
Ол курдук нэһилиэк уонна оскуола библиотекардара алтынньы 11 күнүгэр Уус Алдан улууһун культураҕа управлениета, Уус Алдан кииннэммит библиотекатын тиһигэ уонна оройуоннааҕы Оҕо библиотеката биир дойдулаах, народнай поэт, оҕо суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин төрөөбүтэ 70 сылыгар анаммыт «Оҕо мичээрэ, оҕо үөрүүтэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэнинэн уус-уран ааҕыы күрэҕин биллэрбиттэригэр Дикимдэттэн үс уол оҕолоох Майя Александровна, Станислав Александрович Саввиновтар дьиэ кэргэннэрин «Оҕо мичээрэ» хоһоонунан кытыннарбыппыт.
Кинилэр күрэх түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ ll миэстэни ыланнар олуһун үөрдүбүт. Куруук нэһилиэккэ, оройуоҥҥа ыытыллар араас тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттар ыалбытын Саввиновтары эҕэрдэлиибит.
Дикимдэ филиалын сүрүннүүр библиотекара С. Н. Павлова