Бүгүн, а. э. алтынньы 12 күнүгэр «Алаас Хотуна» — түмсүү эбээлэрэ, бибилэтиэкэр Мария Николаевна, барыга бары сатабыллаах эбээ Александра Елисеевна буоламмыт «Эбээ үөрэҕэ» бырайыакпытынан, кэлэн иһэр Ийэ күнүнэн «Чэчир» уһуйаан оҕолоругар ыалдьыттаан, өҥнөөх кумаахыннан сибэкки дьөрбөтун онорууга маастар кылаас ыыттыбыт. Мария Николаевна оҕолорго киһиэхэ саамай күндү ийэлэрэ буоларын туһунан кэпсээн туран, бу ыйга105 сааһа бэлиэтэнэр норуодунай поэт Бүөтур Тобуруокап оҕолорго анаан суруйбут «Икки ийэ» кэпсээнин ааҕан иһитиннэрдэ, таабырын таайтарда. Оҕолорбут оҥорсубут сибэккиилэриттэн астыннылар уонна ийэлэригэр бэлэх уунуох буоллулар, биһиги кэлэн ыалдьыттаан барбыппытыгар оҕолор, иитээччилэр махталларын эттилэр. Иитээччи Айталина Семеновнага эбээлэр ааттарыттан оҕолорго аналлаах кинигэни бэлэх ууннубут.
Сонуннарга «Алаас Хотуна» — түмсүү салайааччыта Федорова. М. Г. Ньурба, Хаҥалас.