МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Эдэр бибилэтиэкэрдэргэ аналлаах сэминээр ыытылынна

«Таптаатахха, сөбүлээтэххэ идэ барыта, дьоҥҥо туһалыыр идэ барыта үчүгэй. Кылаабынайа, үчүгэйдик үлэлиэххэ наада. Куһаҕаннык үлэлиир буоллаххына, ханнык да бэйэлээх үтүө идэ быыһыа cyoҕа».

Софрон Данилов.

Сэтинньи 19 күнүгэр Чаппанда нэһилиэгэр «Дьоҕур» норуот айымньытын дьиэтигэр, Чаппанда модельнай тыа бибилэтиэкэтигэр «Эдэр бибилэтиэкэр уһуйаана», «Идэҕэ бастакы хардыылар» диэн саҥа үлэлэрин саҕалаан эрэр бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр аналлаах, бастакы сэминээри, өр кэмнээх дьаҥ ыарыытын кэннэ куйаар куодунан сылдьыы көҥүллэнэн, улуустааҕы кииннэммит библиотечнай ситим информационнай-методическай киинэ ыытта.

Сэминээр саҕаланыан иннигэр Н.Т. Степанов аатынан фольклор уонна литература түмэлин көрдүлэр. Түмэл салайааччыта, Н. Т. Степанов үөрэнээччитэ Сидорова Татьяна Дмитриевна түмэл үлэтин-хамнаһын сырдатта, бу сылга түмэли төрүттээччи фольклорист кыраайы үөрэтээччи Н.Т. Степанов 100 сылынан кини туһунан ахтан-санаан ааста. Эдэр үлэһиттэр түмэлтэн ылбыт билиилэрин үлэлэригэр туһаныахтара турдаҕа.

Онтон салгыы модельнай бибилэтиэкэни көрдүлэр. Дириэктэри хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччы Петров Василий Николаевич сэминээри аста. Олохтоох бибилэтиэкэр Тимофеева Е.С. модельнай бибилэтиэкэ үлэтин-былаанын, хайдах быһыылаахтык үлэлиирин сырдатта.

Методистар холбоһуктарын салайааччыта Шадрина Юлия Васильевна 2022 сыллааҕы Россия, Саха Сирин, Ньурба оройуонун бэлиэ күннэрин, сыллааҕы былаан оҥоһуллуохтаах хайысхаларын, сыалларын, ирдэбиллэрин кытары билиһиннэрдэ, сүбэлэри биэрдэ. Информационнай-методическай киин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Филиппова Татьяна Анатольевна идэни үрдэтэр куурустарга үөрэнии туһунан, национальнай бырайыактарга хайдах кыттыахха, туох ирдэбиллэр баалларын уонна ыйдааҕы статотчуот хайдах буолуохтааҕын, оҥоһуллуохтааҕын, тутулун уонна сүрүн ирдэбиллэри, уларыйыылары кытта билиһиннэрдэ, оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтин методиһа Павлова Ирина Ивановна «Оҕо уонна ыччат ааҕыытын сайыннарыыга» оҕолору кыра сааһыттан кинигэни ааҕарга уһуйууга туох үлэни ыытарга араас сүбэлэри биэрдэ, оҕону кытта үлэлиир бырайыактар тустарынан кэпсээтэ уонна омук дойдутун уопутуттан «Желтый чемоданчик», «Волшебный рюкзачок» детсад оҕолоругар, «Библионочь», «Библиосумерки» үлэҕэ туттуллар уонна да атын араас креативнай ньымалар тустарынан кэпсээтэ.

Сэминээр иккис чааһа практическай хайысханан барда. Бибилэтиэкэрдэр профессиональнай таһымнарын көрдөрөн 3 түһүмэхтээх күрэххэ алта буолан кытыннылар. Бастакы түһүмэх «Мин идэм бибилэтиэкэр» эссе суруйуута, иккис түһүмэх талаан, үһүс түһүмэх «Оонньуу тэрийии» буоллулар. Сидорова Мария Ивановна — Ньурбачаан, Федорова Диана Вячеславовна –Үөдэй, Саввинова Елена Анатольевна, Егорова Алена Робертовна комплекснай салайыныы отделын бибилэтиэкэрдэрэ, Семенова Елена Петровна — иһитиннэрэр методическай отдел библиограба, Филиппова Саманта Спартаковна — электроннай өҥө отделын бибилэтиэкэрэ кытыннылар. Бары да дьоҕурдаах, араас талааннаах эбиттэр.

Холобур, Мария Ивановна лобзигынан эрбээн араас оҥоһуктары оҥорор, эргэ миэбэли саҥардар. Диана Вячеславовна мэтириэттэри уруһуйдуур. Ким эрэ иистэнэр, ким эрэ ыллыыр, үҥкүүлүүр. Бары кыттааччылар саҥалыы көрүүлээх, саҥа толкуйдаах, үлэлииргэ баҕалаах эбиттэр.

Үөдэйдэр Ньурба улууһун баһылыга (1995—2002), Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайысты­батын үтүөлээх үлэһитэ Варвара Андреевна Петрова үбүлүөйүгэр анаан истиэнэҕэ ыйанар «Ньурба нэһилиэктэрин гиэрбэлэрин төһө билэҕин?» диэн улуус историятыгар, кыраайы үөрэтиигэ сөптөөх олус үчүгэй магнитнай оонньууну толкуйдаан оҥорбуттар.

Күрэх түмүгүнэн номинациялар олохтоннулар. Филиппова Саманта Спартаковна «Моя профессия — библиотекарь» (эссе) номинацияны, «Моё творчество» номинацияны Федорова Диана Вячеславовна, «Игротека» номинацияны Саввинова Елена Анатольевна ыллылар.

Күрэх кыттыылаахтарыгар грамоталар, сертификаттар, бибилэтиэкэ аатыттан фотоальбомнар бэлэх туттары­лыннылар.

Бу маннык тэрээһин кварталга биирдэ былааннанар уонна эмиэ практическай чаастаах буолар. Бибилэтиэкэҕэ уопсайа тоҕус саҥа үлэлиир бибилэтиэкэрдэр бааллар. Бүгүҥҥү күрэххэ үс бибилэтиэкэр кыайан кыттыбатылар.

Сэминээр түмүгүнэн эдэр бибилэтиэкэрдэр ыытыллыбыт тэрээһин туһалааҕын уонна өссө да маннык таһымнаах тэрээһиннэр ыытылла туралларыгар бэйэлэрин санааларын эттилэр.

Тимофеева Е. С.

https://xn--90adptbcs3gya.xn--p1ai/article/31711