Эрилик Эристиин (Яковлев Семен Степанович) (24.01.1892—06.10.1942) — саха бэйиэтэ, прозаига📚📖✨
1892 с. тохсунньу 24 күнүгэр Боотур Уус улууһун (билиҥҥи Чурапчы улууһа) Чакыр нэһилиэгэр төрөөбүтэ.Гражданскай сэрии кэмигэр — кыһыл бартыһаан.1923 сыллаахтан бэчээттэнэр буолбута.1924 сылтан — ССКП чилиэнэ, 1938 сылтан — ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.1928 сыллаахха «Чолбон» сурунаалга «Соһуччу үөрүү» диэн бастакы сэһэнэ тахсыбыта.
1931—1942 сылларга Эрилик Эристиин айар үлэтигэр өрө көтөҕүллүү кэмэ этэ. «Бассабыык Тиихээн», «Тулаайах Уйбаанчык» бэйиэмэлэргэ кини революционер-бассабыык дьылҕатын көрдөрбүтэ. «Революция уолаттара», «Аймалҕан» сэһэннэр атын омук — Казахстан, Бурятия — национальнай дьоруойдарын олохторуттан суруллубуттара.
Суруйааччы 1942 сыллаахха, хараҕынан көрбөт буолар, бу кэмҥэ «Маарыкчаан ыччаттара» арамаанын бүтэрэр. Бу арамаан кэнники сахалыы, нууччалыы хаста даҕаны бэчээттэммитэ.
Саха Сирин Суруйааччыларын Сойууһа уонна Эрилик Эристиин аатынан сопхуос сыл аайы тыа сирин олоҕун туһунан суруллубут бастың уус-уран айымньыга бэриллэр литературнай бириэмийэни олохтообуттара.
Эрилик Эристиин төрөөбүт сиригэр Чурапчы улууһун Чакырыгар киниэхэ аналлаах түмэл дьиэ аһыллыбыта.
Аатын үйэтитии☀️💫Дириҥҥэ (Хоптоҕо нэһилиэгэ) өйдөбүнньүк туруоруллубут.С. С. Яковлев — Эрилик Эристиин аата Чурапчы улууһун Чакыр орто оскуолатыгар иҥэриллибит. (2007)
С. С. Яковлев — Эрилик Эристиин айымньылара 📚💫:
Суорума соруктаммыт: Пьеса. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1931. — 28 с.
Бассабыык Тиихэн. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1934. — 23 с.
Уйбаан Дууһа: Кэпсээн. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1934. — 23 с.
Тулаайах Уйбаанчык: Поэма. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1935. — 41 с.
Революция уолаттара: Сэһэн. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1936. — 66 с.
Аймалҕан: Сэһэн. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1937. — 88 с.
Кэриэс туолуута: Сэһэн. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1939. — 88 с.
Маарыкчаан ыччаттара: Роман. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1942. — 206 с.
Талыллыбыт айымньылар. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1948. — 352 с.
Талыллыбыт айымньылар. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1954. — 544 с.
Кэпсээннэр уонна пьесалар. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1963. — 190 с.
Айымньылар: 2 томнаах. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1969. — Т. 1 — 596 с. — Т.2 — 520 с.
Революция уолаттара: Сэһэн, роман. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1979. — 360 с.
Маарыкчаан ыччаттара. Кэриэс туолуута. Кэпсээннэр. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1983. — 584 с.
Буура Дохсун: Олоҥхо. — Дьокуускай: Бичик, 1993. — 416 с.
Детско-юношеская библиотека