МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Ѳрѳгѳйдѳѳх Улуу Кыайыы күнэ

Ыам ыйын 9 күнэ киэҥ Россия бары олохтоохторугар дириҥ өйдөбүллээх ытык күн буолар. Бу күн биһиги аан дойдуну фашизмтан босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын, убаастабылбытын биллэрэбит, кинилэргэ булгуруйбат санааларын уонна Ийэ дойдуларыгар тапталларын иһин сүгүрүйэбит. Уоттаах кыргыһыыларга, хаан тохтуулаах киирсиилэргэ биһиги биир дойдулаахтарбыт хорсуннук сэриилэспиттэрэ, Ийэ сири өстөөхтөн босхолуур туһугар сырдык тыыннарын толук биэрбиттэрэ. Фронтан тэйиччи ыраах тыылга Саха сирин дьоно-сэргэтэ килбиэннээх үлэтинэн Кыайыыны уһансыбыта.
          Ѳрѳгѳйдѳѳх Улуу Кыайыы тэрээhиннэрэ Мэҥэдьэккэ «Өйдөбүнньүк чүмэчи» тэрээһинтэн саҕаланнылар.

  1941-1945 сс. Мэҥэдьэк  нэһилиэгиттэн 84 киһи ыҥырыллан Улуу сэриигэ  саа-саадах тутан Ийэ дойдуларын көҥүлүн көмүскээбиттэрэ, онтон 45 киhи дойдуларыгар эргиллэн кэлбитэ.  Ким да умнуллубатын, туох да умнуллубатын бигэргэтэн мустубут дьон  чүмэчи уматан сулус оҥордулар.

Тэрилтэлэр бары Кыайыы параадыгар биир кэккэнэн хаамсан, ураа хаhыынан Кыайыыны уруйдаатылар.  Буойун пааматынньыгар венок ууруута, үөрүүлээх миитин тэрилиннэ. Кыргыһыы хонуутугар үйэлэргэ охтубут, сураҕа суох сүппүт, кыайыы кынаттанан кэлбит хорсун хоодуот сэрии бэтэрээннэригэр, кыайыыны уһансыбыт биһиги ытык дьоммутугар, тыылга кыайыы туһугар күннэри-түүннэри үлэлээбит тыыл бэтэрээннэригэр, уоттаах сэрии содулуттан охсууну ылбыт сэрии сылын оҕолоругар, Улуу Кыайыыны аҕалсыбыт буойуннары кэриэстээн чуумпуруу мүнүүтэтэ биллэрилиннэ.  Үѳрүүлээх миитини түмүктээн Кыайыы оhуохайыгар дьон-аймах муhунна, ол кэннэ кырдьаҕастарбытын ыҥыртаан нэhилиэк тэрилтэлэрэ тэрийбит бырааhынньыктааҕы остуолларыгар олорон,  «Сарыал» уhуйаан иитиллээччилэрэ Ксенофонтов Дьулуур «Улуу Кыайыыны уһансыбыт байыаннай техникалар» тустарынан, Иванов Сергей  «Анисимов Василий Григорьевич туһунан» дакылааттарын, Хатыы орто оскуолатын оҕолоро сэрии туhунан презентацияларын, уhуйаан салайааччыта Ксенофонтова Т. В. «Хаҥаластан хааннаахтар,Тигиилээхтэн тѳрүттээхтэр. Уhун Дьуона» Уйулҕан романыттан Мэҥэдьэккэ Кыайыы хайдах кэлбитин быhа тардан ааҕан иhитиннэрдилэр, сэрии бэтэрээнин Тыасытов А. Г. ахтыытын устубуттарын иhиттибит, библиотекарь Габышева М. Г. 2021 сыллаахха кѳстүбүт, Пахомов С. Ф., сэрии толоонуттан дьонугар тиhэх суругун видеонан кѳрдѳрдѳ. Ыкса киэhэ «Эргиллиэхпит сир Ийэбитигэр» кэнсиэр тэрилиннэ.

Билигин нэhилиэкпитигэр 1 тыыл бэтэрээнэ Софронова М. Д., 13 сэрии оҕолоро бааллар. Нэhилиэкпит аҕа баhылыга Николаев Л. А. тыыл, үлэ бэтэрээннэригэр, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттан кэлбит биир дойдулаахпытыгар Непряхин Д. Е.,  билигин да  анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар Яковлев М. В. дьонугар эҕэрдэ сурук уонна бородууктанан ас туттартаата.

Улуу кыайыы күнүнэн, көҥүл, дьоллоох олоххо 78 сыл олорбуппутугар сэрии, тыыл ветераннарыгар, махтанан туран, сиргэ тиийэ сүгүрүйэбит. Бүгүн биһиги бэйэлэрин олохторунан, хорсун быһыыларынан кыайыыны аҕалбыт аҕа көлүөнэбитигэр махтанабыт. Кинилэр холобурдарыгар биһиги Ийэ дойдуга, төрөөбүт сиргэ уҕараабат тапталы, бэриниилээх буолууну көрөбүт. Ийэ дойду көмүскээччилэр хорсун быһыыларын уонна тыылга үлэлээбит хас биирдии киһи эрдээх санаатын кэриэстиир билиҥҥи көлүөнэ ытык иэһэ буолар. 

Ѳрөгөй үктэллээх Улуу Кыайыы суолтата хаһан да өлбөөдүйбэккэ, дьон-норуот өйүгэр-санаатыгар ытык өйдөбүл буолан барыбытын сомоҕолуур. Уонна хаhан да аны маннык сэрии буолбатын, хаан тохтуулаах кыргыһыы киһи — аймахха суоһаабатын!!! Дойдубут үрдүгэр Эйэлээх халлаан, иллээх олох туругурдун!

Матрена Габышева, Хатыы.