Уткин Ксенофонт Дмитриевич – Нүһүлгэн төрөөбүтэ 87 сылыгар
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыла, Ньурба култууратын 100 сыла
- Ксенофонт Уткин өйүнэн тобулбут сырдык ыратын туолуута дьоҥҥо-сэргэҕэ, ыччакка ананар. Ксенофонт Дмитриевич Уткин олоҕор Доҕордоһууну өрө туппут сырдык аналлаах патриот-интернационалист, төрөөбүт дойдутун ааттатыан ааттаппыт Ньурба биир чулуу уола буолар!
- 1974 сыллаахха Ньурбатааҕы Доҕордоһуу музейын иилээн-саҕалаан тэрийбитэ.
- 1992 сыллаахха саха омук өбүгэ саҕаттан уран дьарыгын сырдатар-көрдөрөр сыаллаах Хомус музейын Хомус Уйбаанныын тэрийбиттэрэ.
- Ксенофонт Дмитриевич Уткин культура эйгэтиттэн тахсыбыт бастакы наука доктора уонна бастакы профессор. Барыта 70-тан тахса кинигэ автора, ол иһигэр 16 монография. Кини наука араас хайысхаларынан үлэлэрэ 16 томҥа түмүллэн хомуурунньук быһыытынан бэчээккэ тахсыбыта.
- Ксенофонт Дмитриевич наукаҕа бастакынан сахаларга тимир культуратын история кэрчигинэн чинчийбитэ уонна 1994 сыллаахха диссертацияны ситиһиилээхтик көмүскээн, историческай наука кандидата буолбута. Кини саха омук бэйэтэ тимири уһаарыытыгар ураты ньымалардааҕын, туспа тутуулааҕын уонна тимири кытта үлэ саха төрүт дьарыга буоларын дакаастаабыта
- Ксенофонт Дмитриевич 2000 сыллаахха Саха государственнай тыа хаһаайыстыбатын академиятын иһинэн “Тулаһа” Духуобунас киинин тэрийбитэ уонна “Тускул” диэн духуобунас боппуруостарыгар аналлаах бастакы научнай-культурологическай сурунаалы кылаабынай редактор быһыытынан үлэлэппитэ. “Тулаһа” киин республика улуустарыгар оскуолалары, нэһилиэнньэлээх пууннары филиал оҥостон үлэлээбитэ.
Мэлдьи бастакы, өрүү бастыҥ буолар анал.
“ Оройуоннааҕы култуура салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьар Ксенофонт Дмитриевич Уткин тулуурдаахтык ылсыһан, 1974 сыллаахха бэс ыйын 16 күнүгэр дьиэ-уот анатан, элбэх үлэ ыытыллан краеведческай музей үөрүүлээхтик аһыллар.
( … ) Дойдутун туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьар К.Д.Уткин, суруксутунан тэҥнээҕэ суох киһи, бэйэтин курдук суруйар, билэр-көрөр дьону түмэ тардан 1976 с. тохсунньутугар «Сэргэ» диэн ааттанан, музей бастакы илиинэн суруллар историко-краеведческай сурунаал бэйэтэ уонна И.А.Анисимов, Н.В.Антонов редколлегиялаан 10 экземпляр ахсааннаах тахсыбыта.
К.Д.Уткин уонна оройуоннааҕы салалта туруорсууларынан 1978 сыл атырдьах ыйын 1күнүттэн САССР Култууратын министиэрстибэтин бирикээһинэн олохтоох кыраайы үөрэтэр музей Ньурбатааҕы «Норуоттар доҕордоһуулара» музей статуһун ылан, Е.М.Ярославскай аатынан музей филиала буолан, судаарыстыбаннай музейдар ахсааннарыгар киирэрин ситиһэллэр.
(…) Убайдаатар убайбыт 80 сааһыгар диэри, төһө да уһун сыллар усталарыгар ааспат-арахпат ыарыыны, сүрэх оспот сүтүктэрин тулуйан, сахалартан, чахчы, чокуур таас курдук кытаанах санаалаах, куруутун инники талаһар өйдөөх-санаалаах, кэрэни үчүгэйи мэлдьитин өрө тутар буолан, дьон-сэргэ махталын ылан сиэрдээхтик олорбута. Дьылҕа Хаан биэрбит кэскиллээх үлэтинэн , ырыатынан-хоһоонунан, научнай үлэлэринэн, олох билбит муудараһын үөрүйэҕинэн, билиитинэн-көрүүтүнэн бүтүн саха норуотун иннигэр туохха да кэмнэммэт духуобунай кылааты хаалларбыта.
( … ) Түмүктээн эттэхэ, билигин К.Д.Уткин үтүө аатын кини төрүттээбит музейа, үөрэммит Мархатын оскуолата сүгэллэр. 2016 сыл ахсынньытыгар Дьокуускай куоракка кини аатынан уулусса баар буолбутун истэммит олус үөрбүппүт, уйадыйбыппыт. Чахчыта даҕаны, сүдү киһи аата умнуллубакка үйэтин уҥуордуура – ити биһиги олохпут үтүө көстүүтэ.”
Нүһүлгэн тускулга туһуламмыт төлкөлөөх түөрэҕэ.-В.И.Егоров ыстатыйатыттан быһа тардыы.-Үйэ сурунаал.-2017 с.- с.84 -87.