МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Галина Томскаялыын — Айыыналыын истиҥ көрсүҺүү

От ыйын 02 күнүгэр, киин библиотекаҕа поэт, суруйааччы Г. Е. Томская — Айыына хоһоон суруйуутугар, тылы наардааһыҥҥа, практическай ыйыылары оҥорор, сүбэ биэрэр үтүө
түгэнигэр Ньурбаттан уонна куйаар ситимин нөҥүө Маартан, Чаппандаттан, Маалыкайтан хоһоонньуттар түмүстүлэр.
«Суруйар дьоҥҥо наһаа наадалаах көрсүһүү буолла. Сүбэлэрэ амалара, хоһоону ырытан өйдөтөөһүнэ киһиэхэ тиийимтиэ баҕайы» диэн сыаналаатылар сылдьыбыт дьон.

Галина Егоровна, ыһыах туһунан түөрт строкалаах хоһоон тута суруйан биэрбиттэрин ырытта.
«Ыһыахтар тустарынан суруйуулары хайа саха киэн тутта ааҕыа суоҕай! Ол эрээри ыһыах туһунан 4 строкаҕа этиэхтээхин диэтэххэ кыаллыбата буолуо. Ону баара киэҥ Ньурба кыыһын, айылҕатын, дьонун, аар саарга аатырбыт ыһыахтарын таптаан олохсуйбут уус тыллаах күтүөттэргэ ол табыллар эбит:
Истиҥчэй сыһыантан
Итиитик санаһыаҥ,
Иһирэх тыллартан
Иитиллэн эн дайыаҥ.
Уйусхаан

Саха ыһар ыһыаҕы,
Саха туойар ыһыаҕы,
Саха тыллар ыһыахтан,
Саха төрүүр ыһыахтан!
Дьолуолаах,
диэн тумус туттар дьоммутун хайҕаата.

Түмүккэ «Ньурбалар быйыл ыспыт ыһыаххыт истиҥчэй сыһыаннарыттан тыллан бука бары иллээх, биир сомоҕо буолуҥ» диэн баҕа санаатын тириэртэ.