МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Геройдар диэн кимнээҕий

Ахсынньы 12 күнүгэр Д. И. Николаев аатын сүгэр Киирэптээҕи орто сүһүөх оскуолаҕа Геройдар күннэрин чэрчитинэн «Геройдар диэн кимнээҕий» — диэн сүрдээх интэриэһинэй бэсиэдэ буолла. Ийэ дойдуну таптыырга, бэриниилээх буоларга, эйэлээх да кэмҥэ киһи бэйэтин сиэртибэлээн да туран геройдуу быһыыны оҥорор элбэх холобурун иһиттилэр.
Учуутал Саввинова А. Д. «Быраапкын төһө билэҕин» — диэн тургутугар оҕолор көхтөөхтүк кытыннылар. Тиһэҕэр оскуола учуутала А. А. Иванов «Антитеррор» — диэн тиэмэҕэ оҕолорго интэриэһинэй иһитиннэрии оҥордо, сэрэхтээх буолалларыгар ыҥырда.

Николаева А. И.