Бүгүн Мэҥэдьэк библиотекатыгар маннык ааттаах семинар буолла.
Граннарга кыттыы билиҥҥи олох ирдэбилэ, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсыы буолла. Араас кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэргэ граннар күрэхтэрэ баhаам. Бырайыак суруйан, государство, араас тэрилтэлэр, түмсүүлэр ыытар граннарыгар кыттан, бырайыаккын үлэлэтэргэр кѳмѳ харчы ылыаххын сѳп. Билиҥҥи олоххо уопсастыба5а, тулалыыр дьоҥҥо туhалаах, кѳмѳлѳѳх наадалаах бырайыак суруйан, смета оҥорон, маннык тэрээhиннэри ыытабын диэн былаан оҥорон араас буолар күрэхтэргэ кыттыахха сѳп. Хас биирдии бырайыак элбэх үлэттэн-сыраттан, суоттан-учуоттан тахсар.
Семинар чэрчитинэн бэйэм опыппыттан, туохха ханныкка сыыспыппын анаалыс оҥорон, араас семинардарга сылдьан муспут билиибин түмэн, кэлбит дьоҥҥо кэпсээтим, кѳрдѳрдүм.
Матрена Габышева, Мэҥэдьэк.