МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

ХОҺООННЬУТ САРЫАДА БАСТАКЫ КИНИГЭТЭ

Тапталлаах Ньурбабытыгар күөх сайын ааһан, көмүс күһүн кэлэн турар. Айылҕа барахсан араҕас өҥүнэн өлгөмнүк киэргэтэн эрэр. Сотору үрүҥ туостаах хатыҥнар көмүс сэбирдэхтэрин ыспахтыахтара. Дууһабыт сырдаан , сүргэбит көтөҕүллүө. Маннык дьикти күҥҥэ бэҕэһээ, атырдьах ыйын 16 күнүгэр, Ньурбаҕа киин библиотекаҕа талааннаах хоһоонньут, СӨ социальнай эйгэ туйгуна, Арассыыйатааҕы «Үтүө сүрэх» үрүҥ көмүс бэлиэлээх, «Ньурба уоттара» литературнай түмсүү тумус туттар киһитэ Николаева Тамара Ивановна — Сарыада бастакы «Истиҥ санаам илдьитэ» кинигэтин биһирэмэ бэлиэтэнэн ааста.

Тэрээһини киин бибилэтиэкэ доҕотторо, ааҕааччылара, драмтеатр артыыската Вера Лазарева, учуутал Сандаара Тобонова саҥаран-салайан ыыттылар. Тэрээһин саҕаланыытыгар Тамара Николаева 70 сылларга «Коммунизм суолугар» тахсыбыт хоһооннорун үс кэрэчээн кыргыттар аахтылар. Октябрёнок саастааҕы аахта Москваттан ыалдьыт Марина Соркомова, пионер сыллааҕытын Саманта Филиппова, комсомол сааһын Яна Ушканова. Кыргыттар хоһооннорун доргуччу ааҕан оччотооҕу Советскай кэм кыысчаана илэ тиллэн таспытыгар сырытта.

Тамара Николаевна эмчит буолан терапия балыыһатыгар 10 сыл үлэлээбит. Бииргэ үлэлээбит дьүөгэлэрэ кэлэн үөрүүтүн үллэһиннилэр. Үлэ күөстүү оргуйар кэмэ, үлэ умсулҕана. Ыалдьыбыт дьон эрэнэ, кэтэһэ көрөр харахтара. Төһөлөөх элбэх ыалдьыбыт киһиэхэ сүрэҕин сылааһа тиийбитэ буолуой уон сыл устата. Төһөлөөх элбэх киһи үтүөрэн махтана санаабыттара буолуой үрүҥ халааттаах аанньал Тамара Ивановнаҕа.

Дипигэ 26 сыл үлэлээбит. Бастакы директор Котоконова В. Н. солбуйааччыта Маргарита Ивановна истиҥ ахтыы оҥордо. Врач Надежда Алексеевна, профсоюз председателя Наталья Валерьевна эҕэрдэлээтилэр. Дипигэ олох араас охсуутугар түбэспиттэр, чугас дьоннорун сүтэрбиттэр олороллор. Соҕотохсуйбут, тулаайахсыйбыт кырдьаҕас ыарыһах дьон төһөлөөх санаалара түһэрэ буолуой? Тостубут дьылҕалаах олус уйан дьон буоллахтара барахсаттар… Кинилэргэ барыларыгар Тамара сылаас сыһыана тиийдэҕэ. Уйаҕас ийэ, эдьиий буолан ис сүрэҕиттэн үлэлээтэҕэ. Дууһатын сылааһыттан бэристэҕэ. Ол да иһин СӨ социальнай эйгэ туйгуна ,» Үтүө сүрэх» үрүҥ көмүс бэлиэ хаһаайката буоллаҕа.

Антоновка оскуолатын 1971 сыллаахха бүтэрбиттэр эһээ,эбээ буолбуттар, күн бүгүҥҥэ диэри бары тутуспутунан сылдьаллар эбит. Сотору сотору көрсөллөр. Үтүө доҕордуу дьоннор эбит. Бииргэ үөрэммит оҕолоро үөрэн көтөн эҕэрдэлээтилэр, кэрэтик да ыллаатылар. Валя, Катя диэн дьүөгэлэрэ наһаа ырыаһыттар эбиттэр.

Улуус, Куорат дьаһалталарын аатыттан мэр солбуйааччыта Куличкина М.К, Культура департаменыттан Кузьмин А.В. эҕэрдэлээтилэр. Киинэ түспүт, биһигин ыйаабыт Хатыытын дьоно сэргэтэ, хаан уруу дьоно салгын куйаар ситимин устун эҕэрдэлэрин долгуйа ылынныбыт. Мэҥэдьэк нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Иннокентий Семёнович сибэкки дьөрбөтө ыыппыт, салгын нөҥүө эҕэрдэтин тиксэрдэ.

Тамара төрдө Түүлээх түҥүрдээх Түлүөн ойуун Туймаадаҕа олох отуора хамсыаҕын көрүүлэнэн көрөн Ньурба Оҕуруоттааҕар кэлэн олохсуйбут. Архив чахчыта. Улуу өбүгэлэриттэн тымыр сыдьаан тардан Тамара уран тыллаах хоһоонньут, сымнаҕас илиилээх эмчит.Тэрээһин биир долгутуулаах түгэнинэн Сарыада СВОҕа сылдьар уолаттарбытыгар хоһооннорунан ырыа айыллыбытын экран нөҥүө истии буолла. «Ийэ алгыһа», «Эрэнэбин, эргиллээр » хоһоонноругар ырыа айыллыбытын бары атахпытыгар туран уйадыйа иһиттибит.

Сарыада хоһоонноро бэйэтин курдук уйаҕас, нарын намчы тыллаахтар. Кини хоһоонун аахтаххына ып ыраас үрүччэ уутугар сууммуттуу чэбдигирэҕин, эмтэнэҕин. Хас биирдии саха киһитин сүрэҕин сайа охсор тыллардаах. Ол иһин дьон олус таптаан ааҕар, бэйэтигэр чугастык ылынар. Эдэр ыччаты оҕону айылҕаны ,чугас дьонун таптыырга үөрэтэр. Кини сиэнэ Алина Семянова Дьокуускай куорат 25 нүөмэрдээх оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ. Быйыл Варвара Потапова хоһооннорун нууччалыы тылбааска Республиканскай күрэххэ иккис миэстэ буолбута. «Оҕо этим» диэн хоһоонун тылбаастаан. «Ньурба уоттара», Сарыада саха тылын сайдыытыгар үлэлииллэр, оҕо-ыччаты тыл нөҥүө иитиигэ күүскэ ылсалларын тапталлаах библиотекабыт директорын солбуйааччы Елена Анатольевна Саввинова чорботон бэлиэтээбитин астына да иһиттибит.

Хоһоонньут Сарыадаҕа өссө да айа суруйа сылдьаргар элбэх ахсааннаах ааҕааччыларыҥ баҕараллар. Өссө элбэх истиҥ иэйиилээх хоһооннору кэтэһэбит. Ааҕааччыларгын үөрдэ, дьоллуу өр сылларга олор. Айар аартыгыҥ алгыстаах буоллун. Кынат буолар үгүс дьүөгэлэриҥ мэлдьи аттыгар буоллуннар. Кыталык кыргыттарыҥ, улаатыннарбыт, харайбыт сиэннэриҥ ситиһиилэринэн үөрдэ турдуннар. Дьоллоох соргулаах буол эйэҕэс, элэккэй дьүөгэбит барахсан.

Биһирэми ыытарга библиотека үлэһиттэрэ мэлдьи буоларын курдук дьулуурдаахтык биир киһи курдук үлэлииллэр. Библиотека үлэһитэ, Ньурба уоттара литературнай түмсүү солбуллубат куратора Ноева Маргарита Романовна дьонун түмэ тардан бэртээхэй биһирэм буолан ааста. Тамара Ивановна 1970 сыллардаахха «Коммунизм суола»хаһыакка суруйбут хоһооннорун библиотекардар Ирина Ивановна, Рея Петровна буланнар кыргыттар аахтылар. «Ньурба уоттара» салайааччы Пономарёв Дмитрий Николаевич, Антоновкатааҕы «Кыраһа» түмсүү салайааччы Иванова Елена Ивановна , литературнай түмсүү чилиэттэрэ истиҥ иһирэх эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Сарыадаҕа мин тус бэйэм эһэлээх, эбэтигэр анаабыт хоһоонноругар махталым муҥура суох. Иккиэммит эбэтэ дагда ытыйаллар эбит, эһэлэрбит түптэ түптэлииллэр, оттууллар. Өрдөөҕү олус ыраах ааспыт сыллар быыстарын арыйан Сарыада хоһоонноруттан эһэлээх, эбэм илэ тиллэн кэлбиттэринии үөрдүм да, уйадыйдым да…

Уран тыл маастара, музаҥ өрүү аттыгар сырыттын ааҕааччыларыҥ алгыыбыт,эйигин олус таптыыбыт, эйигиннэн киэн туттабыт. Түннүкпүнэн үрүҥ туостаах хатыҥчааннар күөх, саһаран эрэр сэбирдэхтэринэн эйигин эмиэ алгыырдыы далбаатыыллар. Хас олорор күммүт,хас саҥарар саҥабыт кыайыыны чугаһаттын дуу… Саха тыла күүстээх. Россия эбэ хотун таҥара көмөтүнэн кыайыаҕа…

«Ньурба уоттара»,»Кыраһа» түмсүү чилиэнэ Яковлева Антонина Архиповна. Хорула — Антоновка