МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Хорула айар талааннаахтара

Ахсынньы 9 күнүгэр Федот Григорьевич Сафронов аатынан Киин библиотека историятыгар өссө биир кэрэ бэлиэ түгэн ааста. Ньурба оройуонун Хорула нэһилиэгин 125 сылын туолар үбүлүөйдээх сылыгар тахсыбыт саҥа 8 кинигэ билиһиннэриитэ, сүрэхтэниитэ үрдүк таһымнаахтык, биир тыынынан ыытылынна. Ол курдук:

Н. Т. Чочанов «Хорула үйэлэр кирбиилэригэр»;
Иванов Ю.Н. «Кэргэнниилэр Улуу кыайыыны уһансыбыттара»;
Иванов Ю.Н. «Утумнааһын»;
Иванов Ю. Н., Трофимова Н. Ф. «Үйэлээх олох кэрэһитэ»
Илья Иванов — Хоһуун «Ис кутум илдьитэ — хоһоонум»;
Варвара Кононова — Балбаара «Тула дьонум — мин дьолум»;
Алла Сельтюкова — Айаалла «Күн сирин көмүскэлэ — үс ини-бии бухатыыр» Олоҥхо;
Байанайдаах — «Ийэм эрэйдээх…»

Хорулаҕа айар талааннаах сахалыы тылбыт араас эгэлгэ кырааскатын туттан суруйар-бичийэр, айар талааннаах дьон урут да билигин да элбэхтэрэ үөрдэр. Лариса Ивановна Андросова салайар Хорула нэһилиэгин библиотекатын иһинэн үлэлиир “Иэйэр кут” түмсүү, оройуоннааҕы библиотека ситимин иһинэн баар “Ньурба уоттара” литературнай түмсүү биир күүстээх салаата буолар. Бу нэһилиэккэ кинигэ бэчээттэнэн тахсыыта хайа да түмсүүлэрдээҕэр инники турар. Хорула нэһилиэгэ 125 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Тэрээһинтэн хаартыскалары бу ссылканан киирэн көрүөххүтүн сөп

https://disk.yandex.ru/d/Vz3YxkM6brC_EA

Ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа