МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Search
«ИДЭМ олоҕум илгэтэ»оройуоннай күрэх

Сэтинньи 20 күнүгэр Чаҕыл уоттаах Чаппанда нэһилиэгэр Арассыыйаҕа норуот сомо5олоһуутун , Саха сиригэр Култуура сылынан, Уһулуччулаах судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй уонна профсоюзнай диэйэтэл,, саха биллиилээх революционера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ Степан Васильевич Васильев
төрөөбүтэ 130 сылыгар анаан ыытыллыбыт
«ИДЭМ олоҕум илгэтэ»
идэлээх эдэр дьон үлэһиттэр ХХII-с төгүлүн ыытыллар оройуоннай күрэхтэрэ буолан ааста.


Күрэх сыала-соруга эдэр идэлээх үлэһиттэри киэҥ араҥаҕа таһаарыы, көҕүлээһин, сөптөөх болҕомтону ууруу, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу олуктарын олохтооһун, дойду киэҥ туттар дьоннорун ытыктааһын, ааттарын үйэтитии. Күрэххэ 20 саастарыттан үөһэ саастаах үөрэхтээх үлэһит дьон кытыннылар.
Ньурба оройуонун Ньурба куоратыттан- 7, Маалыкайтан-3, Чуукаартан — 2, Өҥөлдьө, Малдьа5ар нэһилиэктэриттэн барыта 14 кыттааччылар кэлэн күрэхтэстилэр.

Күрэх са5аланыытыгар
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирэ Василий Михайлович Егоров күрэх кыттааччыларыгар онлайн быһа эфиринэн э5эрдэтин тириэртэ, ситиһиилэри ба5арда.

Күрэх уопсайа 4 түһүмэҕинэн ыытылынна: бастакы түһүмэх «Үөрэх — билии кыһата», 2 түһүмэх “Мин маҥнайгы үлэм күнэ “, үһүс түһүмэх “Киэн туттар, холобур оҥостор киһим ”, “төрдүс түһүмэх “Талаан”.
Кыттааччылар бары да олус көхтөөх, талааннаах, талбыт идэлэригэр бэриниилээх буолан бииртэн биир интэриэһинэй, сэргэх тэрээһин ааста.

Күрэх түмүгүнэн анал ааттар олохтоннулар:“Инникигэ кэскиллээх” анал ааты туттарда “Ньурба оройуонун Култуураҕа уонна ыччат норуот айымньытын салаатын салайааччыта Тартакынова Розалия Васильевна Чемпосова Каринаҕа уонна уустар оҥорбут хомус бэлэхтэрин туттарда.

“Самая зажигательная “Ноговицына Сандаара тутта-хапта сылдьарыттан чахчы дьону тардар буолан саамай сөптөөх ааты ылла уонна Маалыкайдааҕы “Айар”киин бирииһин тутта.

“Самая творческая “анал ааты Артемьева Робелла Робертовна ылыан ылла уонна Чаппанда нэһилиэгин М. С. Семенов аатынан “Дьо5ур “ норуот айымньытын бирииһин тутта.

“Дьулуур”анал ааты эр дьоннор куруук маннык кытта туралларыгар бэйэтин ба5а санаатын этэн туран, бэйэтин э5эрдэтин, анал бирииһин туттарда Филиппов Анатолий Анатольевичка Чаппанда нэһилиэгин аҕа баһылыга Краснослав Григорьевич Бухолов.

“Хранитель традиции” анал ааты Ефимова Изабелла Николаевна Семенова Айна Александровнаҕа туттарда,

“За волю к победе”
“Ньурба оройуонун Култуураҕа уонна ыччат бэлиитикэтигэр департаменын солбуйааччыта Убушаев Айсен Басангович Кириллина Ольга Владиславовнаҕа анал ааты, бирииһи туттарда.

Күрэх түмүгүнэн 1 үрдэли ылла Гоголева Дайаана Герасимовна уонна Маалыкайдааҕы “Айар киин” 10 000 суумалаах сертификатын тутта.

2 урдэли ылла
Ефимова Сания Александровна уонна
Маалыкайдааҕы “Айар киин” 7000 суумалаах сертификатын тутта.

3 үрдэли ылла Додохов Петр Александрович уонна Маалыкайдааҕы “Айар киин” 5000 суумалаах сертификатын тутта.

Күрэхпит “Муҥутуур кыайыылаах” анал ааты ылла Малдьаҕар нэһилиэгиттэн В. И. Максимов аатынан орто оскуола учуутала Саввинова Саргылана Николаевна бары талаанын, дьо5урун, сатабылын көрдөрөн туран эрэллээхтик бастаата.

Бары күрэх кыттыылаахтарыгар грамоталар, туоһу суруктар өйдөбүнньүк статуэткалар туттарылыннылар.
Күрэх ыытыллааһыныгар сүрүн спорсордарынан буоллулар: Маалыкай нэһилиэгин тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата, Степан Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл, Маалыкайдааҕы “Айар киин”, Чаппанда нэһилиэгин тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата, Чаппанда нэһилиэгин М. С. Семенов аатынан “Дьогур” норуот айымньытын дьиэтэ.
Күрэ5и иилээн-саҕалаан ыыттылар: Луиза Яковлева, Андриан Пахомов.

Күрэх спонсордарыгар уонна күрэ5и сыаналаабыт Тойон дьүүллүүр сүбэҕэ, күрэх ыытааччыларыгар, кыттааччыларыгар махталбытын тириэрдэбит. Күрэх кыттааччыларыгар үрдүк ситиһиилэри, куруук маннык көхтөөх, актыыбынай буолуҥ. Айар талаанҥытын, салайар дьоҕургутун, сатабылгытын туһанан үлэҕит куруук ситиһиилээх, үрдүк көрдөрүүлээх буоллун.

Елена Тимофеева Чаппанда.