Күн күбэй ийэ. Ийэ барахсан… Бу тылга оҕо саас төрөөбүт – үөскээбит дьиэ – уот, муҥура биллибэт итии, сылаас таптал илгийэргэ дылы, аан дойду дьоно бүтүннүү омугуттан, итэҕэлиттэн тутулуга суох бары ийэттэн кэлбиппит, ийэ сылаас тапталынан угуттанан киһи буолбуппут.
Хас биирдии киһиэхэ төрөппүт ийэтэ күҥҥэ тэҥнээх күндү буоллаҕа. Оттон ийэлэртэн саамай чулуулара, саамай улуулара биллэн туорар Герой Ийэлэр.
1945 с от ыйыгар ССРС Үрдүкү Сэбиэтэ элбэх оҕону төрөппүт, ииппит ийэлэргэ Герой Ийэ бочуоттаах ааты иҥэрэр уонна Ийэ албан аата уордьаны Ийэ мэтээлин олохтуур туһунан Ыйааҕа тахсыбыта. Бу Ыйаахха олоҕуран элбэх оҕолоох ыаллар — ийэлэр государство өйөбүлүн, көмөтүн, сэҥээриитин ылар буолбуттара.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев Ыйааҕынан 1993 сылтан алтынньы ый үһүс өрөбүлэ Сахабыт сиригэр Ийэ күнүнэн бэлиэтэнэр.
Биһиги нэһилиэкпитигэр тыа сирин түөлбэтэ «Мэҥэдьэк нэһилиэгин» олохтоох көҕүлээһинин тэрийэн Дойду үрдүнэн Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Ньурба оройуонугар норуот көҕүлээһинин, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылларын түмүктүүр «Ийэҕэ махтал» сквер арылынна. Бу олус долгутуулаах түгэҥҥэ дьоруой ийэлэрбит о5олоро, сиэннэрэ ыраахтан-чугастан мунньустан кэлэн кыттыыны ылбыттара олус үрдүк таһымҥа ааста.
Биһиги нэһилиэккэ 4 Герой ийэлээхпит: Макарова Анна Николаевна, Попова Клавдия Семеновна, Калакова Анна Дмитриевна, Васильева Елизавета Егоровна. Кинилэргэ «Герой Ийэ» диэн уордьаны туттарбыттара, албан ааты иҥэрбиттэрэ.
Өйдөбүнньүк буолар «Ийэҕэ махтал» сквергэ Герой Ийэлэр уонна нэһилиэк ийэлэрин сырдатар хаартыскаларын стендэлэрин, дьэрэкээн уотунан сырдатыллар уоттардаах, фонардардаах, итиэннэ силигин ситэрэн сквергэ тохтоон сынньанан, сэһэргэһэ түһэр аналлаах кэрэ көстүүлээх скамейкалар туруохтара.
«Ийэҕэ махтал» бырайыак олоххо киирэригэр сүүрбүт-көппүт герой ийэлэр оҕолорун инициативнай бөлөҕүн бэрэстэбиитэлэ Ксенофонтова Тамара Васильевна “Ньурба оройуонугар норуот көҕүлээһинэ” бырагыраамма чэрчитинэн бырайыак оҥорон, көмүскээн олоххо киллэрбитэ олус үөрүүлээх, долгутуулаах. “Ийэ5э махтал” сквер үлэтин түмүгүн ситиспит дьоммутугар, тыа сирин түөлбэтэ “Мэҥэдьэк нэһилиэгэ” дьаһалтатын үлэһиттэригэр, тэрийэр бөлөххө, Алексей Михайловичка уонна дьоруой ийэлэр о5олоругар бар дьоммут аатыттан махтанан тураммыт, күндү дьоммутугар баҕарабыт ылсыбыт дьыалаҕыт ыпсан истин, үтүө дьыалаҕыт үксүү турдун, бастыҥ баһаам баһыыбаны, барҕа мааны махталбытын, баҕа санаабыт баараҕайын аптаах сахабыт тылынан арахпат гына алҕаатахпыт буоллун!
Матрена Габышева.