МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Ийэ күннээх сүрэҕин хоһуйан. Алтынньы ый 16 күнэ — Саха сиригэр Ийэ күнэ.

Миигин эрэ күүтэр күннээх,
Миигин эрэ ахтар түүннээх
Дьолум түһэ — Ньурбабын
Ийэм тэҥэ таптыыбын.

К. Васильева.

Быйыл 2022 сыл — Сахабыт сиригэр Ийэ сыла биллэриллэн, араас тэрээһиннэр ыытыллан кэллилэр.
Биир дойдулаахпыт ССРС суруналыыстарын, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Ньурба оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо бэйэтэ туспа ураты суоллаах поэтесса, Клара Васильева, төрөөбүт тылбыт имигэһин-муударай өйдөбүллэр, сонун көрүүлэр, мындыр өй-санаа нөҥүө тиэрдибит хоһоонноро, киһиэхэ сырдыгы, кэрэни төлкөлүүллэр. Аһаҕас эттээх, уйан куттаах поэт киһи буолан, Клара Васильева дириҥ улаҕалаах ис хоһоонноох, ураты философиялаах айымньылары суруйан хаалларбыта.
Клара Васильева хоһооннорун кинигэлэригэр хаһан да умнуллубат сырдык сылаас уобараһынан күн күбэй ийэтэ Өрүүнэ ааһан бүппэт ахтылҕан буолан иҥэн сылдьар, күндү киһитигэр тапталын билинэр истиҥ, иһирэх тыллар элбэхтэр.
Саха билиҥҥи да, урукку да поэзиятыгар ийэни уратытык хоһуйан, сүгүрүйэн маннык элбэх айымньылары суруйан хаалларбыт поэт суохха дылы. Алтынньы ый үһүс өрөбүлүгэр Сахабыт сиригэр Ийэ күнэ бэлиэтэнэринэн поэт Клара Васильева ийэтигэр анаабыт тапталынан сыдьаайар айар тыл умсулҕаныгар ыалдьыттаан ааһаргытыгар ыҥырабын.


Ийэ соҕотоҕо — мин олохпун
Ийэбэр анаан олорбутум,
Тапталынан онтубун
Тыыннааҕар толуйбутум… «Ийэ соҕотоҕо» хоһоонугар.
Ийэм ииппит сүрэҕэ
Тардыһар кэрэ эйгэҕэ
Айар дьоллоох түһүлгэҕэ.
Сүпсүк элбэх сир ийэҕэ,
Ийэм куолаһа — Эйэҕэ,
Өрө күүр ийэм бэлэҕэ!.. «Ийэм биэрбит бэлэҕэ».

Сибэтиэй кэриэтэ, мин ийэм
Сиргэ олорон аастаҕыҥ,
Ситэтэ суох эн дьылҕаҥ!
Ситэриэх мин эбит буоллаҕым… «Ийэм кэриэһигэр».

Ийэм үөрбүт күнүгэр
Хомус ылан тардара —
Оччоҕуна күн ийэм
Имэ кэйэн кэлэрэ,
Хайҕал ылбыт кэриэтэ
Харахтара үөрэрэ… «Ийэм хомуһа».

Олус сэмэй, номоҕон,
Оҕо курдук бэрт уйан,
Өйтөн сүппэт сэбэрэҥ
Миэхэ бүппэт ахтылҕан… «Ийэбэр».

Таптаан көрөр хараҕыҥ
Атаахтатар сыламын,
Кууһар илииҥ сыралын
Куруук илдьэ сырыт диэн
Күҥҥэ өрө көтөхпүт
Күндү Ийэм, эн бааргын,
Былыт үөһэ көтүппүт
Үрдүк Айыым — эн бааргын.
Сүрэх тыыннаах тылларын
Үрүҥ күҥҥэ көтүтэн,
Ийэ ытык аналын
Ытыс үөһэ түһэрэн
Ийэ күнэ, үүн-үрдээ,
Сиргэ дьолу биһиктээ! «Ийэ күнэ».

Оһуор-дьарҕаа ойууттан
Оҕо буолан үөрэбин,
Ол саҕана харахпар
Ийэм оһуорун көрөбүн.
Күнү күннүктээн олорон
Ийэм оһуор анньара,
Үтүлүк,түүппүлэ оҥорон
Үгүс махталы ылара… «Ийэм оһуора»

Ийэ күннээх сүрэҕэ
Үүннэриэҕэ бу Сиргэ
Үксүү турар Кэрэни
Үрдүк дьолго Эрэли!

Киһи аймах хаһан эрэ
Кэрэ үйэҕэ олоруоҕа,
Ийэ күннээх сүрэҕэр
Анаан сэргэ тутуоҕа… «Ийэ күннээх сүрэҕэ».

Таптыыр ийэм сүр истиҥ
Иэйиигинэн угуттаан
Хамнаттаҕыҥ түүн-күнүс
Иэҕии талах биһикпин.
Сиргэ кэлбит аналыҥ
Ситэ буоллар ханнык, — диэн
Сипсийдэҕиҥ сүрэхпэр
Сүрдээх сэмэй мин ийэм… «Күндү ийэм».

“Олус сэмэй, номоҕон…
Ийээ, сүүскэр күл аҕаан”, —
Иэйдим, сонет оҥорон,
Үүммүт үйэни алҕаан!

Ийэ куппун көтөхпүт
Күндү ийэм, Эн бааргын.
Күҥҥэ өрө көтүппүт
Ийэм дьиҥнээх Бахсыгын! «Алгыс арчыта«, сонет.


Ньурбатын сирин олус күүскэ таптаабыт Поэт Клара Васильева айар үлэтэ, кэлэр да кэмнэргэ, орто дойду олоҕун, дьол үөрүүтүн бэлэхтиир, тапталынан угуттуур күн күбэй ийэҕэ анаммыт айымньылара саха тыллааҕы сырдыкка кэрэҕэ угуйа туруохтара!


Мария Николаева, библиотекарь.