Ахсынньы ый 24 күнүгэр олоҕун үүнэр көлүөнэни үөрэтиигэ-иитиигэ, биир дойдулаахтарбыт буойун сахалар ааттарын үйэтитиигэ анаабыт, саха ыччатыгар «Эдэр карбышевецтар» көрдүүр-чинчийэр хамсааһыннарын тэрийээччи-сүрүннээччи Михаил Владимирович Дьячковскай Ильмень күөлгэ сырдык тыыннара быстыбыт, сэриилэспит буойуттарбыт Хотугулуу — арҕааҥҥы фронт 27 Армиятын 12 Гвардейскай стрелковай корпуһун 19-с туспа хайыһар биригээдэтин бойобуой кыһыл былааҕын Ньурбаҕа аҕалла.
Норуоттар доҕордоһуулара түмэлгэ көрсүһүүнү киин бибилэтиэкэ Елена Петровна Семенова салайааччылаах ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата тэрийэн ыытта. Көрсүһүүгэ Ньурба оройуонун үөрэҕириитин начальнига Ф.Ф.Ушканов оскуолаларын иитэр үлэҕэ директордарын солбуйааччыларын, история учууталларын, Ньурба куорат үрдүкү кылааһын уолаттарын илдьэ кэлбитин сэргэ Ньурба кыраайы үөрэтээччилэрэ муһуннулар. Саха омукка ИЛЬМЕНЬ күөлгэ буолбут түбэлтэ олус ыар. Новгородскай уобалас Старорусскай оройуон аннынан Ильмень күөлгэ БИИР КҮН, 1943 сыл олунньу 23 күнүгэр 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр 597 саха киирбитэ, ол иһигэр 72 ньурба ыччата баара. Биир күн иһигэр 378 САХА буойуна сырдык тыыннара быстар, өстөөх авиациятынан кыргыллаллар, ууга тимирэллэр. Ньурбаттан 33 киһи. Бу билиҥҥи күҥҥэ көстүбүт чахчыларынан, өссө төһөлөөх киһибит дьылҕата биллибэккэ сылдьара буолуой? Ильмень кыргыһыытын туһунан аан маҥнай биллиилээх историк Петров Дмитрий Дмитриевич 1967 сыллаахха иһитиннэрбитэ. Якутяне в боях на озере Ильмень кинигэтэ сахалыы, нууччалыы тылынан тарҕаммыта.
2020 сыллаахха Ильмеҥҥэ кыргыһыыга ньурбалар дьылҕаларын туһунан өр сыралаһан үлэлээн кинигэ гынан таһааттарбыт Түмүк нэһилиэгин олохтооҕо Васильев Ксенофонт Васильевич кинигэ бэлэмнээн таһааттарбытын таһынан саха буойуттарыгар кэриэстэбил Ильмень үрдүгэр СЭРГЭНИ хаттаан туруортарбыт үтүөлээх.
Дьячковскай М. В. Кыһыл Знамяны кытта сэрии хонуутуттан көстүбүт маллары, кинигэнэн, хаартыскаларынан быыстапканы аҕалбыт. Эдэр карбышевецтар үлэлэрин киинэ нөҥүө көрдөрө-көрдөрө олус интириэһинэй дакылааты оҥордо. Краевед Васильев К. В. Ньурбаҕа көрдүүр-чинчийэр үлэлэр күүскэ тэриллэн баралларыгар баҕатын эппитин тула кэпсэтии таҕыста. Инникитин ааспыт үйэ уодаһыннаах сэрии чахчылара кэлэр көлүөнэни кытта ситимин быспатыгар, туох да умнуллубат, ким да умнуллубат санаанан бииргэ сомоҕолоһон үлэлииргэ олук уурулунна. Түмүгэр, Михаил Владимирович Ильментэн көстүбүт гильзаны, буулдьаны Норуоттар доҕордоһуулара түмэлгэ туттарда.
Маргарита Ноева.