Ахсынньы 8 күнүгэр Чаппанда нэһилиэгэр С. П. Алексеев — Боһуут аатынан саҥа аһыллыбыт оскуола-саадка аан маҥнайгы тэрээһин , IX төгүлүн ыытыллар улуустааҕы «Уоланнар ааҕыылара » түмүктүүр түһүмэҕэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Күрэҕи улуустааҕы үөрэх управлениета, С. П. Алексеев-Боһуут аатынан оскуола-саад тэрийдилэр.
Быйылгы ыытыллар «Уоланнар ааҕыылара» Саха АССР 100 сылынан, Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтигэр Ил Дархаммыт А. С. Николаев укааһынан тахсыбыт Ийэ сылынан, Саха норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап 105 сааһыгар ананан ыытыллыбыта. Бу ыытыллыбыт күрэххэ, кустанан ыытыллыбыт күрэх бастыҥнара талыллан кэлэн, Ийэ сылынан, Саха бэйиэттэрин ийэлэргэ анаммыт истиҥ — иһирэх хомоҕой хоһооннорунан, барыта 13 оҕо кэлэн кыттыыны ыллылар.
Тэрээhиммит сүрүн сыала — соруга: төрөөбүт дойдуну, тылы таптыырга, дойдуга бэриниилээх буоларга иитии. Уол оҕо санаатын сайа этэр, саҥарар , уус- ураннык ааҕар дьоҕурун сайыннарыы; бэйиэттэр айымньыларын үйэтитии; уран тыл күүһүнэн төрөөбүт дойдуга тапталы иитии.
Күрэх ирдэбилэ: хоhоону өйтөн билии, иҥнигэһэ суох дорҕоонноохтук ааҕыы , айымньы ис хоһоонун иэйиилээхтик биэриитэ (артистизм), төрөөбүт ийэ тылынан ааҕыы нуорматын тутуһуу,
көрөөччү болҕомтотун тардыы күрэх сүрүн ирдэбилинэн буолар.
Күрэҕи оскуола директора Юрий Валерьевич Алексеев бары кэлбит ыалдьыттары, кыттааччылары күрэх саҕаламмытынан эҕэрдэлээтэ уонна оҕолор эҕэрдэ ырыаларынан саҕаланна. Күрэх кыттааччылар нүөмэр тардыбыттарын бэрээдэгинэн ыытылынна.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Васильева В. П. – улуустааҕы үөрэх управлениетын кадрдары кытта үлэҕэ отдела, Донская А. Д. – улуустааҕы үөрэх управлениетын алын сүһүөх учууталларын салайааччыта, Алексеев Ю. В. – С. П. Алексеев-Боһуут аатынан оскуола-саад директора,
Үөһээ Бүлүү оройуонуттан Ороһу нэһилиэгин модельнай библиотека сүрүннүүр библиотекаря Иванова Ж. С., Чаппанда олохтоох модельнай библиотека сүрүннүүр библиотекаря Тимофеева Е. С.
Күрэх кыайыылаахтара ыраахтан кэлбит ыалдьыппыт Иванова Жанна Семеновна анал добун суругун, Бүөтүр Тобуруокап саҥа тахсыбыт кинигэтин бэлэх туттулар. Хоһоон ааҕыытын Кылаан кыайыылааҕын аатын Алексеев Эльдар (Хорула оскуолата), бастакы миэстэ Васильев Уйгулаан (Хаҥалас оскуолата), иккис миэстэ Иванов Альберт (Үөдэй оскуола-саада), үһүс миэстэ Егоров Дуолан (Маалыкай орто оскуолата). Үөрэх управлениетын аатыттан махтал суругу Васильева В. П. ыраахтан кэлбит ыалдьыкка Иванова Ж. С. туттарда. Анал ааттар маннык кыттааччыларга иҥэрилиннилэр: «Иэйиилээх ааҕааччы» — Громов Сааскылаан (Чаппанда), «Кэскиллээх ааҕааччы» – Андреев Сайаан (Маалыкай), «Хомоҕой ааҕааччы» – Николаев Никита (АСОШ), «Дорҕоонноох ааҕааччы» — Афанасьев Боря (Сүлэ).
Кыайыылаахтарга, анал ааттарга тэрээһин спонсордарыттан: Администрация, «Дьоҕур» норуот айымньытын дьиэтэ (Иванова Р. Е.) , олохтоох библиотека (Тимофеева Е. С.) , Вет. участок (Егоров Г. Н.), Участактааҕы балыыһа (Прокопьева В. М.) , Дьахтар сэбиэтэ (Петрова З. П.) , Н. Т. Степанов аатынан түмэл (Сидорова Т. Д.) ааттарыттан сыаналаах бириистэр туттарылыннылар. Күрэх кыттааччылара бары туоһу суругунан, кыайыылаахтар мэтээллэринэн бэлиэтэннилэр.
Күрэхпит ыытыллааһыныгар спонсорскай көмөнү оҥорбут бары тэрилтэ салайааччыларыгар эрийээччилэр ааттарыттан махталбытын тириэрдэбит!
Күрэҕи иилээн -саҕалаан ыытта алын кылаас учуутала Семён Борисович Николаев.
Бары күрэх кыттааччыларыгар өссө да инники ситиһиилэри, ийэ тыл сүмэтин,
сахалыы саҥабытын куруук илдьэ сылдьаргытыгар баҕарабыт.
Тимофеева Е. С., Чаппанда.