Айар дьоҕурдаах, суруйар талааннаах киһи ИЙЭ-КҮН КҮНДҮ ИЙЭ туһунан хайаатар да хоһуйар, айымньыларыгар ийэ уобараһын хайаатар да киллэрэр.
Ньурбаттан Саха суруйааччыларын Сойууһугар 19 киһи баар. Кинилэр бары ийэ туһунан хоһоонноругар хоһуйаллар, айымньыларыгар кэпсииллэр. Ордук элбэхтик суруйааччы, поэтесса, журналист Клара Дмитриевна Васильева айымньыларыгар ийэтин хоһуйбут, ийэтигэр анаабыт хоһооннорунан саха литературата баай. Таптал аан бастаан Ийэттэн иитиллэн тахсан киһиэхэ иҥэриллэр. Ол иһин даҕаны суруйааччы «күннээх алгыһынан» «талаанын тылыннарбыт» «айар кутун ииппит» олус номоҕон, сэмэй ийэтигэр Ирина Егоровна Рожинаҕа анаабыт хоһооннорун биир идэлээхпит, Чаппанда нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Елена Семеновна Тимофеева хомуйан дьоҕус кинигэ гыммытын ИЙЭЛЭР күннэринэн ааҕааччыларбытыгар бэлэх гынан уунабыт!
Ийэ куппун көтөхпүт
Күн ийэм, Эн бааргын.
Күҥҥэ өрө көтөхпүт
Ийэм дьиҥнээх Бахсыгын…..