Алтынньы ый 24 күнүгэр таһырдьа тыаллаах, тымныы салгыннаах, чахчы күһүҥҥү күн. «Кэнчээри» уһуйаан актовай саалатыгар сылаас тыынынан угуттуур, нарын иэйиигэ куустарар дьоро күн. Дьолуолаах айар үлэтин кытта билсиһэр, суруйааччылыын сэһэргэһэр литературнай салон оҕо иитиитигэр олохторун анаабыт үлэһит дьону түмэн бэрт иһирэхтик буолан ааста. Дмитрий Николаевичка оҕо сааһын доҕоро анаан суруйбут хоһоонун Маргарита Петрова киһи ис кутун хамсатардыы истиҥник долгута ааҕыытынан саҕаланна. Суруйааччы олоҕун хоһуйар хоһооннорун уһуйаан сэбиэдиссэйинэн үлэлиир Венера Ивановна ааҕара, чахчыта да киһи ис дууһатын кылын таарыйан киирэр диэххэ сөп. Түбүктээх үлэ быыһыгар уһуйаан үлэһиттэрэ литература эйгэтигэр киирэн дуоһуйа сынньаммыт буолуохтара. Ааптар суруйбут «Биһик» сэһэнигэр трейлер быһыытынан уһуллубут тэттик киинэни астына -дуоһуйа көрдүлэр, инникитин бу сэһэн толору киинэ буолан тахсарыгар баҕа санааларын эттилэр. Суруйааччылыын ирэ-хоро сэһэргэстилэр, түмүккэ ааптартан автографтаах кинигэлэрин ылан үөрүүлэрэ үксээтэ.
Маннык истиҥ көрсүһүүлэр өрүү да буола турдуннар диэн биир санааҕа кэллибит.
Татьяна Степанова, Күндээдэтээҕи олохтоох бибилэтиэкэ.