Чаппанда нэһилиэгин Гуляевтар удьуор-хаан аҕа уустарын талба талаанынан айылҕа барахсан дэлэйдик хатаҕалаабыт аймахтара. Саха култууратын историятыгар ааттара — суоллара киэҥник биллэр баянист Дмитрий Никитич Гуляев, хореограф Маргарита Никитична Скрябина (Гуляева) сэргэ атын бииргэ төрөөбүттэр, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ араас хайысханан талааннара дьон кэпсээнигэр сылдьар, хайҕатар, биһирэтэр.
Алтынньы 27 күнүгэр Чаппандатааҕы Н. Т. Степанов аатынан түмэлгэ «Иккис тыын» диэн аатынан быыстапка буолан ааста. Тэрийээччи түмэл салайааччыта, кыраайы үөрэтээччитэ Т. Д. Сидорова. Быыстапка героинята, Валентина Никитична Николаева (Гуляева). Валентина Никитична үс оҕо ийэтэ, үгүс сиэн эбээтэ, киэҥ аймах тумус туттар эдьиийэ. Оҕо эрдэҕиттэн элбэх балтыларын, бырааттарын көрөрүн — харайарын таһынан, билигин кинилэр оҕолорун, сиэннэрин бүөбэйдэһэр күндү киһилэрэ. Гуляевтар киэҥ аҕа ууһун түмэр, сүрүннүүр Далбар Хотуннара.
Олоҕун устата үлэни өрө тутан, сүөһү-сылгы иитэн күүстээх үлэҕэ сылдьыбыт Валентина Никитична кэлиҥҥи сылларга илиитинэн оҥоһуктары оҥоро үөрэнэргэ ылсан бүгүн бастакы, дьоһун быыстапкатыгар дьонун-сэргэтин муста. Бу дьоҕурун уһугуннарбыт киһитинэн балта Мария Никитична дьарыктанар «Эйээрэ» ырыа ансамблын салайааччыта Саргылана Даниловна Семенованы ааттыыр. Сценаҕа кэтэр таҥастарыгар киэргэл сакаастаан, бастакы ньургуһун бастыҥаларын оҥоруоҕуттан аһыллан, ылсан араас дьэрэкээн оҥоһуктары оҥорон барбыт. Үгүстэр наадата суоҕунан ааттаан бөххө быраҕар малларбытын Валентина Никитична иккис тыыннаан кэрэтитэн биэрэр идэлээх. Ол курдук, араас хордуонкаттан дьикти моһуоннаах шкатулкалар, дьахтар эрэ ымсыырар киэргэллэрэ, роса иһититтэн вазалар, Мирнэй куоракка олорор, куукула оҥорорунан идэтийбит маастар кыыһыгар Маргаритаҕа көҕүйэн оҥорбут бастакы куукулата… Барыта киһи хараҕын үөрдэр, дууһатын сылаанньытар. Валентина Никитична Татьяна Дмитриевнаҕа түмэлгэ анаан улахан шкатулка, олохтоох библиотекаҕа Лена Семеновнаҕа кинигэ быһыылаах шкатулка бэлэх туттарда.
Айыы майгылаах киһи туппута-ылсыбыта барыта кэрэ- дьикти, сырдык-сылаас.
Тэрээһин, ол да быһыытынан, олус истиҥник-иһирэхтик ааста. Валентина Никитична айар үлэтин, хас биирдии оҥоһугун кэпсээһинэ, Татьяна Дмитриевна иилээн-саҥаран ыытааһына, «Эйээрэлэр» ырыалара, ыалдьыттар эҕэрдэлэрэ, барыта киһини уоскулаҥҥа, үтүө санаа кынаттаныытыгар тириэртэ.
Бар дьонугар үтүөнү эрэ түстүү, тулалыыр эйгэтин арчылыы-араҥаччылыы сылдьар, тулатын барытын кэрэнэн симиир күндү Валентина Никитичнаҕа айымньылаах олоҕуҥ үгүс үөрүүлэрдээх, элбэх ситиһиилэрдээх, саҥаттан саҥа арыйыылардаах буоллун, диэн баҕа санаа бастыҥын бастакы «Иккис тыын» быыстапкаҥ ыалдьыттара долгуйа тиэрдэбит.
Маргарита Ноева.