Бүгүн, алтынньы 30 күнүгэр, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылын чэрчитинэн Мэҥэдьэк уонна Октябрьскай нэһилиэк бибилэтиэкэрдэрин бырайыагынан «Дьиэ кэргэн биир сомоҕо» диэн Ньурба оройуонугар аан бастакыннан ыытыллар дьиэ кэргэн үс көлүөнэ дьонун олимпиадата Киирэп сэлиэнньэтигэр ыытылынна.
Ивановтар, Семеновтар, Даниловтар, Саввиновтар, Ивановтар дьиэ кэргэттэриттэн 3-түү көлүөнэ дьон тэбис тэҥҥэ түсүһэн, саха суруйааччыларын, сахалыы итэҕэли, төрөөбүт төрүт тылы уонна Ньурба оройуонун историятын билиигэ тэрийээччилэр бэлэмнээн ыыппыт сорудахтарыгар тургутууну аастылар. Түмүккэ Семенова Наталья Ивановна, эбээлэрэ Саввисова Розалия Дмитриевна уонна кырачаан кыыстара Дарина дьиэ кэргэттэрэ кыайыыны ситиһэн ахсынньы ыйга Ньурба куоракка түмүктүүр күрэххэ кыттыыны ылар чиэскэ тигистилэр. Бары кыттааччылар туоһу суругунан, кыайыылаах Семеновтар дьиэ кэргэннэрэ Добун суругунан бэлиэтэннилэр.
Күрэхпитигэр бириистэри туруордулар:
1. Киирэп олохтооҕо Николаева К. В.
2. Олохтоох бибилэтиэкэ
3. А. А. Моргусов аатынан «Талба» НАДь Киирэптээҕи салаата.
Бүгүҥҥү «Дьиэ кэргэн биир- сомоҕо» күрэххэ ыҥырыыбытын ылынан кыттыбыт көхтөөх дьиэ кэргэттэрбитигэр махтанан туран, инникитин да маннык билиигэ — көрүүгэ дьулуургут, оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ дьоһун холобур буола сылдьаргытыгар баҕа санаабытын тиэрдэбит. Инникигэ үлэҕэ, үөрэххэ ситиһиилэри, чэбдик туругу баҕарабыт!
Николаева А. И.