МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Киирэпкэ Олоҥхо күнэ

Сэтинньи 25 күнүгэр Киирэп кулуубугар, Олоҥхо күнүгэр аналлаах, «Образование + Культура» бырайыак чэрчитинэн норуот тылынан уус – уран айымньытыгар интэриэһи тардар, оонньуу көмөтүнэн олоҥхо туһунан билиини хаҥатар бэрт сэргэх тэрээһин буолла.
Саха тылынан уус-уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала — Олоҥхо, билиҥҥи кэм олоҥхоһуттарын туһунан, ийэ олоҥхоһут Иванов Василий Иванович – Чиллэ Баһылай олоҥхолорун тула истиҥ кэпсэтии кэннэ, «Олоҥхо дойдутунан айан» интерактивнай хамаанданнан күрэххэ үс хамаанда күөн көрүстэ. Алталыы ыйытыктаах алта түһүмэх тухары хамаандалар эрбии биитинии эристилэр. Сорох уустук ыйытыктарга, улуу нуучча тылынан да буоллар, сөптөөх хоруйдары биэрдилэр. Оонньуу биир тыынынан, умсугутуулаахтык, өрө күүрүүлээхтик ааста. Кыайыылаах хамаанда Добун сурук, атыттар – Туоһу сурук туттулар уонна кыттааччылар бары минньигэс бэлэх тутан үөрүү-көтүү үксээтэ.
Салҕыы сахалыы остуол оонньууларын оройуттан тутан өркөн өй, имигэс тарбах өрөгөйдөөтө.

Альбина Николаева.