Алтынньы 5 күнүгэр Маалыкайдааҕы «Айар киин» норуот Айымньытын Дьиэтигэр олохтоох модельнай библиотека үлэһитэ Вера Петровна Аммосова көҕүлээһининэн дьоро күн үүннэ: «Аартык» литературнай түмсүү айар талааннааҕа, олох ураты суоллаах-иистээх Саргылана Стручкова бастакы кинигэлэрин биир идэлээхтэригэр билиһиннэрдэ, 50-ча сыл сүрэҕэр тута сылдьыбыт «курус санааларын» сырдык иэйиилээх хоһуйуу оҥорон, бар дьонугар бэлэх уунна. Көрсүһүүгэ олохтоох дьаһалта солбуйааччы Баһылыга М.Н. Николаева, Саргылана Анатольевна чугас дьүөгэтэ О.И. Васильева кыттыыны ыллылар, истиҥ иһирэх тыллары эттилэр. «Аартык» айар түмсүү биир талааннаах кыыһа, кэрэ куоластаах Изольда Макарова истиҥ иэйиилээх ырыатынан эҕэрдэлээтэ. Маны сэргэ «Ньурба уоттара» литературнай түмсүүттэн Дмитрий Пономарев-Дьолуолаах, Евдокия Моякунова, Маартан Анна Абишева, Антоновкаттан Антонина Яковлева, Ньурбатааҕы кииннэммит библиотека үлэһиттэрин куйаар ситимин нөҥүө ыыппыт эҕэрдэлэрэ тэрээһини олус киэргэттэ. Саргылана ырыаларын видеоклиптэрин улахан экран нөҥүө көрөн-истэн астынныбыт. Манна даҕатан эттэххэ, быйыл саас «Аартык» литературнай түмсүү 10 сыллаах юбилейин «Ньурба уоттара» кыттыылаах бэлиэтээн ааспыттара. Саргылана хоһооннорун хомуурунньуктара бу кэрэ-бэлиэ сылга тахсыбыта ордук күндү суолталанна.
Поэзия алыптаах кырдалыгар Саргылана 5 сыл анараа өттүгэр, саҥа сүүрээнинэн киирэн, сүрдээх сэҥээриини ылбыта, били Сергей Есенин хоһоонноругар кыс хаар ортото дьэдьэни көрбүттүү саба түспүттэрин курдук, хоһооннорун утаппыттыы аахпыттара. Эбиитигэр, ырыа эйгэтигэр эмиэ киирэн, кини ырыаларын сахабыт эстрадатын чулууттан чулуу ырыаһыттара (Александр Емельянов, Анастасия Готовцева, Алаас Кыыһа о.д.а.) ыллаан, сахалыы тыллаах сөбүлээн ыллыыр ырыалара буолбуттара. Дэлэҕэ даҕаны, Саргылана хомуурунньуктарыгар киирии тыллары Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэттэрэ, «Ньурба уоттара», «Уран тыл оһуора» литературнай түмсүүлэр салайааччылара Дмитрий Пономарев-Дьолуолаах уонна Р.Н. Тимофеева-Михайлова суруйуохтара, алгыс тылларынан арыаллыахтара дуо. Уран тыл уйулҕатын бэркэ билэр дьон ырытыыларын кинигэлэри илиигитигэр ыллаххытына, сэргээн ааҕыаххыт диэн эрэнэбин.
Күндү ааҕааччыбар Саргылана Анатольевна туһунан кылгастык билиһиннэрэр буоллахха, Ньурба оройуонун Маалыкай сэлиэнньэтигэр 1965 сыллаахха көмүс күһүн сатыылаан турдаҕына 5 оҕолоох Егоровтар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүт. Ахсыс кылаас кэнниттэн Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүүтээҕи педучилищеҕа киирэн ситиһиилээхтик бүтэрэн, 35 сыл учууталлаабыт. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, педагогическай үлэ ветерана, «Ньурба патриота» диэн анал бэлиэ хаһаайына. 5 оҕолоох, элбэх сиэн эбээтэ. «50 сааспын туолан баран, хоһоон суруйарга холонор буолбутум», — диир Саргылана Анатольевна. Бу туһунан бэйэтэ хайдах ойуулаан-дьүһүннээн эппитин-тыыммытын истэ түһүөҕүҥ:
Биэһуон сааһым туолуута
Баардаах баара батарбат
Дьикти туругар киирэммин,
Сымыыт курдук бүтэй,
Балык курдук кэлэҕэй
Тыла суох бэйэккэм
Тоҕо эрэ эмискэ
Сааскы халаан уутунуу
Тылым-өһүм төлө биэрдэ,
Халдьыгырыы халыйда.
Аналтан хайдах даҕаны
Албыннаан куоппат эбиккин,
Идэттэн хайдах даҕаны
Мүлчү түспэт эбиккин.
Төрүөм иннигэр
Төлкөбүн түстүүр,
Түөрэхпин түһэрэр
Төрүөттээх түгэммэр
Түүлээх түҥүрдээх
Түлүөн ойуун саҕаттан
Төрдүлэрбэр баар
Тыллаах-өстөөх төрүттэрим
Тымырдаах сыдьааннарыгар
Тыыннаах тылы
Тылбыйдын диэннэр
Тамахпар силлээбит эбиттэр.
Онтулара
Көньөрүү буолан
Көйөргө кымыстыы
Көөнньө, көөнньө
Көймөстөр эбит,
Кыынньа, кыынньа
Кырылыыр эбит,
Төлүтэ биэрэн,
Тоҕута тэбэн
Тыыммын кэҥэтэн
Тахсар эбит.
Төрөөбүт ийэ сир бараххан
Тымыр сыккыс уулара
Тохтообокко тыгарыныы
Тыккыраччы сүүрдэр эбит.
Олус да күүстээхтик, улуу Пушкины санатардыы, уу сахалыы дорҕооннорунан этиллибит эбит…
Кинигэбит аата «Күһүнүм, кэрэҕин» диэн. Киһи сүргэтин көтөҕөр күһүҥҥү пейзажтар көстүүлэринэн киэргэммит, иккис кинигэтэ Кэрэ дьахтар уһун суһуоҕун субутан көмүс сэбирдэх ардаҕын аннынан ханна эрэ Ыраахха, Кэрэҕэ, Сырдыкка угуйан, ыра санаа аанньала буолан устан иһэрэ ойууламмыт. Кинигэбитин арыйан, киирии тыл көмөтүнэн кинигэ уратытын өйдөөн, налыччы ааҕабыт… Төрөөбүт дойдуга таптал, дьахтар аналын толоро кэлбит кыыс оҕо аналлааҕын көрсөн таптал уотугар умайыыта, ийэ буолуутун дьоло, тапталлааҕын сүтэрэн, тумаҥҥа мунуута, олох араас эндирдэрин көрсүүтэ, муҥатыйыыта… Хас хоһоон аайы кинигэбит лирическэй геройун олоҕо туспа айымньы буолан, киһини уйадытар, толкуйдатар, элбэх санааҕа аҕалар… Миитэрэй Дьолуолаах эппитинии, «бу кинигэни аахпыт: биир дьахтар олоҕунан, биир дьахтар санаатынан Орто дойду үгүс өрүттэрин билиэ уонна ол хомоҕой тылынан хайдах этиллэрин сэргиэ, кэрэхсиэ» дии саныыбыт.
Саргылана музыка эйгэтигэр эмиэ дириҥ хорутуулаахтык киирбитин бэлиэтэ Миитэрэй Дьолуолаах хоһоонугар мелодия суруйан, улахан конкурсу ааһан, ол ырыата Ньурба куорат Өрөгөй чаастарыгар ылланар ырыа буола сылдьара туоһулуур. Олохтоох ааптардар уонна куйаар ситимигэр баар доҕотторун тылларыгар отучча ырыа мелодиятын оҥордо, олорун кулууп үлэһиттэрэ, баҕар, туһаныа этилэр диэн туспа хомуурунньук таһаарар баҕа санаалаах, нуоталара доҕотторун көмөтүнэн бэлэм. Культура управлениета, сэргээтэҕинэ, көмө оҥоруо диэн баҕа санаабытын этэбит.
Саргылана ийэ кутун дириҥ иэйиилээх хоһооннорун ааҕан баран, айар аартыгыҥ ааннара аһыллан истиннэр, поэзия алыптаах хонуутугар сиэлэр суолларыҥ кэҥээн истиннэр, ааҕааччыларгын Кэрэҕэ, Сырдыкка, Биллибэт улуу куйаарга угуйа, сирдии тур, айа-тута, иэйэ-куойа сырыт диэн сахалыы сэрэниин-сэрэнэн сэмэйдик алгыспытын тиэртэҕим буоллун.
Надежда Григорьевна Григорьева, педагогическай үлэ ветерана.
Алтынньы 12 күнэ, 2023 сыл, Маалыкай.