Бэс ыйын 1 күнүгэр — Оӄо кѳмүскэлин күнүгэр, «Ньурба оройуона» муниципальнай оройуон, Тыл бэлиитикэтин Сүбэтэ, Федот Сафронов аатынан Ньурба куорат Киин библиотекатын оҕону, ыччаты кытта үлэлиир салаата дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааӄыыга оройуоннай интерактивнай күрэҕин түмүгэ таҕыста.
Күрэх сыала — соруга:
— Дьиэ кэргэнинэн ааҕыы үгэстэрин сѳргүтэн оҕоҕо ааҕыы култууратын сайыннарыы.
— Дьиэ кэргэнинэн ааҕыыга сѳптѳѳх литератураны талыы, интэриэһи тардыы;
— Оҕоҕо дэгиттэр сайдыылаах, дьоҕурдаах буолуутугар, кинигэ бастыҥ кѳмѳлѳhѳѳччү буоларын бигэргэтии.
Күрэх амбассадора: М.П.Слепцова – Эбээ Маайа, СӨ үтүѳлээх артыыһа. Амбассадор диэн тылы быһаарар эбит буоллахха, английскайдыы ambassador – «посол» диэн суолталаах ааҕыыны кѳҕүлээччи буолар. Эбээ Маайа аудио кэпсээннэрин республика хас биирдии муннугар сэҥээрэн истэллэр, кэтэһэ күүтэллэр. Кини кыра саастаах оҕолортон саҕалаан аҕа саастаах дьоҥҥо тиийэ — бэйэтин ааҕааччыларыгар сахалыы айымньылары олус тиийимтиэтик, истиҥник ааҕан иһитиннэрэр.
«Дьиэ кэргэнинэн сахалыы ааӄыбыт» күрэӄи дьүүллүүр сүбэ балаһыанньа быһыытынан икки бѳлѳххѳ арааран сыаналаата: 1 бѳлѳх – 1-4 кылаас, 2 бѳлѳх – 5-7 кылаас оӄолоро тѳрѳппүттэрин кытта ааӄыылара.
Барыта 14 үлэ Ньурба куоратыттан, Киирэп, Күндээдэ, Маалыкай, Хатыы, Ньурбачаан, Маар, Чаппанда нэһилиэктэриттэн киирдилэр. Дьүүллүүр сүбэ кыайыылаахтары таһаарда:
Күрэх бастакы бѳлѳӄѳр I үрдэл кыайыылаахтара — Николай Якутскай «Ой дуораана»айымньытын аахпыт Иннокентьевтар дьиэ кэргэттэрэ (Ньурба куората, 3№ алын сүһүѳх оскуолата).
II үрдэл кыайыылаахтара — Бүѳтүр Тобуруокап «Ийэни бигиир ырыа», Иван Сысолятин «Ийэлэр» айымньыларын ааӄан иһитиннэрбит Андреевтар дьиэ кэргэттэрэ (Ньурба куората, Ньурбатааҕы Ст.Васильев аатынан элбэх хайысхалаах гимназия).
III үрдэл кыайыылаахтара — «Тоҕо тииспитин суунабытый?» Сандаара Кулаковская айымньытын аахпыт Григорьевтар дьиэ кэргэттэрэ (Маар нэһилиэгэ).
Күрэх иккис бѳлѳӄѳр I үрдэл кыайыылаахтара — Варвара Федорова «Дьиктилээх киэһэ» кинигэттэн «Мѳккүѳр» остуоруйатын аахпыт Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ (Киирэп нэһилиэгэ).
II үрдэл кыайыылаахтара — Моисей Ефимов «Сахалыы…»айымньытын аахпыт Петровтар дьиэ кэргэттэрэ (Ньурба куората, Ньурбатааҕы техническэй лиссиэй).
III үрдэл кыайыылаахтара – В.С.Яковлев-Далан «Тулаайах оҕо» романыттан «Күрүѳйэх кыыс» айымньыны аахпыт Афанасьевтар дьиэ кэргэттэрэ (Маар нэһилиэгэ).
Кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ туоһу суругу кытта минньигэс бириистэр, кыайыылаахтарга тэрийээччилэр олохтообут «Акварель» маӄаһыынтан сертификаттар туттарылыннылар. Дьүүллүүр сүбэ бэлиэтээһининэн, дьиэ кэргэттэр сахалыы айымньыны ааӄалларыгар сахалыы таҥнан – саптан хас биирдии бэйэлэрэ аахпыттара олус хайӄабыллаах. Айымньыны талыы күрэххэ кыттыыга эмиэ улахан оруолу ылар, манна даӄатан эттэххэ, тѳрѳппүттэр оӄотун сааһынан кѳрѳн сѳптѳѳх айымньыны талбыттар диэн дьүүллүүр сүбэ чопчулуур.
Инникитин оӄолоргутунаан кинигэтэ ааӄыҥ диэн сүбэлиэ этибит!
Оӄо дэгиттэр сайдыылаах, дьоӄурдаах буолуутугар — кинигэ бастыҥ кѳмѳ!
Ааӄыҥ, анаарыҥ, сайдыҥ!
И.Павлова, оӄону кытта үлэӄэ методист