«Айар үлэ аартыгынан» кинигэтин сүрэхтэниитэ
Айар үлэ алыптаах,
Анал үктэл аргыстаах,
Суруйар түбүк сылаалаах
Сураҕа сүппэт аналлаах.
Тохсунньу 28 күнүгэр Ф. Г. Сафронов аатынан Ньурбатааҕы киин библиотека, ааҕар саалатыгар биһиги киэн туттар киһибит – саха музыкальнай культурата сайдарыгар улахан кылаатын киллэрбит композитор, ССРС культуратын туйгуна, СР культуратын уонна искусствотын бочуоттаах үлэһитэ, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, СР композитордарын, ырыа айааччыларын, баянистарын Сойуустарын чилиэнэ, СР Ытык сүбэтин Бочуоттаах кырдьаҕаһа, СР үлэ бочуоттаах бэтэрээнэ, “Барҕарыы” фонда лауреата, «Гражданскай килбиэн” бэлиэ кавалера, култуура бочуоттаах бэтэрээнэ, Ньурба улууһун уонна Таркаайы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Афанасий Александрович Моргусов «Айар үлэ аартыгынан» диэн саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Дьоро түгэн Афанасий Моргусов “Ньурбам миэнэ-Айыы сирэ” музыкатыгар, Марианна Попова туруоруутугар, Вика Шадрина толоруутугар кэрэ үҥкүүтүнэн саҕаланна.
“Айар үлэ аартыгынан” кинигэ Афанасий Моргусов 75 сааһыгар Дьокуускай куоракка Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтигэр 100 экземплярынан 2022 с. бэчээттэнэн тахсыбыта.
Саҥа сылы көрсө, Афанасий Александрович бу кинигэтин Судаарыстыбаннай норуот айымньытын дьиэтэ икки сылга биирдэ тэрийэн ыытар 14-с Россия үрдүнээҕи норуот дьиэлэрин иһитиннэрэр үлэлэрин көрүүгэ бэлиэтээтилэр. Москва куораттан Арассыыйа культуратын Министерствотын аатыттан «Издательские проекты» диэн номинацияҕа “За вклад в сохранение и развитие национальной музыкальной культуры» диэн ааттаах Лауреат Дипломунан наҕараадаланна. Онон Афанасий Александровиһы кинигэтэ үтүө ситиһиилэммитинэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит.
Үтүөнү эрэ түстүүр, кэрэни эрэ кэрэхсиир, музыка алыптаах эйгэтин муза оҥостубут Афанасий Александрович үөрүүтүн үллэстэ, культура эйгэтигэр өр сылларга бииргэ алтыһан үлэлээбит доҕотторо-атастара, ону таһынан, кини олоҕун, айар үлэтин киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрбит, бэчээккэ сырдаппыт үтүө дьоно, доҕотторо эйэҕэс эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
- “Таркаайы нэһилиэгэ” МТ баһылыга Владислав Анатольевич Васильев.
- Ньурба куорат баһылыгын солбуйааччы Мария Константиновна Куличкина.
- РФ журналистарын Сойууһун чилиэнэ, тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ, Ньурба оройуонун уонна Хорула нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иван Ильич Николаев.
- А.А.Моргусов биир дойдулааҕа, үлэ бэтэрээнэ Николай Иванович Прокопьев.
- Ньурба оройуонун бэтэрээннэрин Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Татьяна Прокопьевна Олесова.
- Ньурба искусствотын оскуолатыттан Кириллова Надежда Афанасьевна
- Чаппандатааҕы Н.Т.Степанов аатынан Фольклор-литература түмэлин салайааччыта, СР муниципальнай сулууспатын туйгуна Татьяна Дмитриевна Сидорова.
- СР култууратын туйгуна, Октябрьскай нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, Ньурба оройуонун сэбиэтин депутата Матрена Прокопьевна Захарова.
- К.Д.Уткин – Нүһүлгэн аатынан “Норуоттар доҕордоһуулара» түмэл научнай салаатын салайааччыта Борис Борисович Борисов.
- Сунтаар култууратын уонна айылгытын управлениетын начальнига Тускулаана Горохова-Кобельянова.
Ылбаҕай ырыанан эҕэрдэлээтилэр Аркадий Винокуров, Федоров Максим -Ырыа Махсыым, «Элегия» вокальнай ансаамбыл.
Кинигэ сүрэхтэниитин Оҕо уонна Ыччат библиотекатын үлэһитэ Ушканова Яна Васильевна иилээн-саҕалаан ыытта.
Ф. Г. Сафронов аатынан Киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа.