Саха норуотун инники олоҕун-дьаһаҕын өтө көрөн, уларыйыылар киирээһиннэригэр тус санаатын этэн, суруйан хаалларбыт, саха уус-уран литератууратын төрүттээбит поэт, араас ноуука көрүҥнэригэр оҥкуллары охсубут чинчийээччи, тылбаасчыт, бөлөһүөк Алексей Кулаковский-Өксөкүлээх Өлөксөй быйыл төрөөбүтэ 147 сыла.
Кини бу орто дойдуга 49 сыл олорбута: 1877 сыл кулун тутар 16 күнүттэн 1926 сыл бэс ыйын 6 күнүгэр диэри. Ыам ыйын 27 күнүгэр 2022 сылга Хаҥалас улууһун Хачыкаатыгар «Алексей Елисеевич Кулаковский — духовный лидер Якутии» диэн Өксөкүлээх 145 сылыгар аналлаах улахан научнай симпозиумҥа саханы улуу омук дэтэрэр саргылаах санаанан салайтаран үлэлии-хамсыы сылдьар үрдүк салалтабыт, норуоппүт өркөн өйдөөхтөрө түмсүбүттэрэ. Бу симпозиум түмүгүнэн Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев уурааҕынан «Саха сиригэр 2023-2027 сыллары Өксөкүлээх Өлөксөй сылларынан» биллэриллибитэ.
Сахабыт сирин үрдүнэн ӨКСӨКҮЛЭЭХ СЫЛЛАРА хамсааһын иккис сылыгар үктэннибит. Ил Дархан уурааҕар олоҕуран Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимигэр КУЛУН ТУТАР ЫЙ ӨКСӨКҮЛЭЭХ ӨЛӨКСӨЙ ЫЙЫНАН биллэриллибитэ.
Киин бибилэтиэкэҕэ 2024 сыл кулун тутар ыйга Өксөкүлээх Өлөксөйгө эрдэттэн былааҥҥа ылыныллыбыт үлэлэр сэргэхтик аастылар.
Өксөкүлээх Өлөксөй ыйын нэдиэлэ аайы ыытыллар «Кинигэ алыптаах эйгэтэ» Ньурба араадьыйатыгар тахсар биэриибит «Өксөкүлээх Өлөксөй инникини өтө көрүүтэ» биэриибитинэн түмүктүүбүт. Бу биэриигэ СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, поэт Сельтюкова А. Р. — Айаалла анаарыытын истиҥ.
ӨКСӨКҮЛЭЭХПИТ ЫЙЫГАР КӨХТӨӨХ КЫТТЫЫНЫ ЫЛБЫТ ААҔААЧЧЫЛАРБЫТЫГАР, БИБИЛЭТИЭКЭБИТ ДОҔОТТОРУГАР ИСТИҤ МАХТАЛ ТЫЛЛАРЫН ТИЭРДЭБИТ!
"Ньуучча ньургунун кытта Туруулаһар доҕор буол, Саха талыытын кытта Самдайдаһар атас буол; Үрдүк үөрэхтээхтэри кытта Өйөнсөн үөскээ, Бэрт мэйиилээхтэри кытта Тэҥнэһэн сэргэстэс... Саха айыы саҥнаах Санаатын астыннаран Саргытын салай, Үс дойду Өйүн түмэн Өрөгөйүн үрдэт!"
диэн А. Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй баҕа санаата, алгыһа хас биирдии сахаҕа тиийиэхтин!
Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата.